Page 177 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 177

Туйаарыскай, Суорун Омоллоон, Амма Аччы-
    гыйа, Улуро Адо.
8. Бу ханнык айымньылар дьоруойдара этилэрий:

       Кеша, Катя, Ваня, кыра Таня, Мохсоҕол;

       Костя, бибилэтиэкэ үлэһитэ;

       Сэмэнчик, Кинигэ, Тэтэрээт, Харандаас,
       Уруучука, Суумка;

       Стасик, Ньукууча, Толя.
9. Бу туһунан ханнык айымньыга этиллэрий?

       «Костя ыксыыр. Ийэ-хара көлөһүнэ тахсар.
       Тура сатыыр — кыайан өндөйбөт».

       «Хаһаайыннарын кэһэтэргэ сүбэлэстилэр».

       «Ааммытын аргыый дарбый,
        Оһохпутун суулларыаҥ».

   • «Кутуругун эрэ көмөтүнэн тыыннаах
       ордон сылдьыбыт. Сайын кутуругунан сап-
       тан кэбистэҕинэ, күүгэс, күлүмэн кыа-
       йан сиэбэт буолан, бэркэ диэн абыранара
       үһү».

   • «Онуоха эр дьон ойон тахсан төгүрүйбүттэр.
        Илиилэригэр үөт тирэхтээхтэр эбит. Умайа
        сылдьар үөт тирэх. Тула буоллаҕына —
        ыт да ыт. Бары ытыраары ырдьыгынаан
        ырдырҕаспыттар».

   • «Саспат сандал көмүс күннээх,
        Киирбэт кэрэ тунал ыйдаах».
   172   173   174   175   176   177   178   179   180   181   182