Page 176 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 176

СЫЛЛААҔЫ ХАТЫЛААҺЫН

1. Кинигэ иһинээҕитин көр. Сыл устата хас тиэ-
    мэни барбыккытый, ааттаталаа.

2. «Бэйэ ааҕыыта», «Ыалынан ааҕыы» кинигэлэр,
    электроннай сыһыарыы туох сыаллаахтарый-
    соруктаахтарый?

3. Хас биирдии тиэмэҕэ ордук сөбүлээбит айым-
    ньыларыҥ ханныктарый? Кэпсэтис.

4. Ханнык саха суруйааччыларын айымньыла-
    ра ордук элбэхтик киирбиттэрий? Кинигэ
    иһинээҕитинэн көрөн быһаар.

5. Тылбаас айымньы диэн туох этэй? Кимнээх
    айымньылара онно киирэллэрий?

6. Үөрэх кинигэтин ойууларын туһунан тугу
    этиэҥ этэй? Аҕыйах дуу, биитэр элбэх дуу?
    Үчүгэй уонна куһаҕан дии санаабыт ойуулар-
    гын эт. Тоҕотун быһаар.

7. Айымньылары ким суруйбутун өйдөөн сөпкө
    эт: «Моҕотой тоҕо ытаабытай?», «Иранал»,
    «Тымныы муоһа», «Иккис «Тоҕо?», «Үһүс
    «Тоҕо?», «Төрдүс «Тоҕо?», «Үүтээн».
    Суруйааччылар: Самуил Маршак, Константин
   171   172   173   174   175   176   177   178   179   180   181