Page 179 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 179
чука муҥунан отон турар. Онтон ылан
бэйэҥ да сиэ, доҕотторгор да бэрсэ сырыт».
«Доҕоргун хайдах ити курдук саныыгын?
Пахай даҕаны!»
«Кынаппынан силэйэн,
Хаары күрдьэр инибин,
Күөлгүт мууһун, битийэн,
Көлбөрүтүөм дэнэбин».
11. Билэр суруйааччыларгын ааттаа.
12. Үөрэх кинигэтигэр барыта хас таабырын киир-
битий? Туохха сыһыаннаахтарый (айылҕаҕа,
кыылга-көтөргө, туттар тэрилгэ, о.д.а.)?
13. Үөрэх кинигэтигэр барыта хас өс хоһооно
баарый? Туохха сыһыаннаахтарый (үлэҕэ,
үөрэххэ сыһыаннаах, үтүө майгы, куһаҕан
быһыы туһунан)?
14. Ханнык өс хоһооннорун ордук өйдөөн хаал-
быккыный? Ханныктары ыарырҕаттыҥ? Бы-
һаар.
15. Кинигэ ис хоһоонунан сирдэтэн, ханнык
суруйааччылар айымньыларын аахпыккын
өссө биирдэ көр. Сайыҥҥы сынньалаҥҥар бу
суруйааччылар айымньыларын бибилэтиэ-
кэттэн уларсан аах.