Page 168 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 168

Дьахталлар оҕонньортон ыйыталлар:
    — Хайа, оҕонньоор, уолаттарбыт хайдахтарый?
    — Кинилэр ханна баалларый? Мин биир эрэ
уолу көрөбүн, — оҕонньор хоруйдуур.

        «Доҕордоһуу туһунан уус-уран айымньыга»
       быыстапканы билис.

                                             Амма Аччыгыйа

                    Ү ҺҮС «ТОҔО?»

       1. Кэпсээни доргуччу ааҕыҥ.
       2. Дьоруойдары быһааран, оруоллары үллэр-

          тээҥ.
       3. Сценаҕа туруорар айымньыгытын хайдах аат-

          тыыргытын быһаарсыҥ. Туох мал-сал, сцена
          көстүүтүн туһунан ырытыһыҥ.

    Мишалаах Маша маамаларын балта Анна Сер-
геевна куоракка олорор. Кинилэр олорор дьиэлэ-
рэ икки мэндиэмэннээх, сандааран дьэ дьиэ да
дьиэ!

    Мишалаах Маша маамалара биир субуота киэһэ
икки оҕотун ньылбы сыгынньахтаталаан, сылаас
уунан сууйда-тараата уонна эттэ:

    — Сарсын, өрөбүл күн, эдьиийгитигэр куорак-
   163   164   165   166   167   168   169   170   171   172   173