Page 167 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 167

Лев Толстой

                        УОЛАТТАР

    Икки дьахтар холуодьастан уу бaha турбуттара.
Кинилэргэ үһүс дьахтар тиийэн кэллэ. Аттыларыгар
тааска оҕонньор сынньана олороро. Биир дьахтар
кэпсии турда:

    — Мин уолум күүстээх да күүстээх уонна сым-
са. Кинини ким да кыайбат.

    — Мин уолум соловей курдук кэрэтик ыллыыр.
Кимиэхэ да итинник куолас суох, — диэтэ ик-
киһэ.

    Оттон үһүстэрэ саҥарбата.
    — Хайа, эн уолуҥ туһунан тоҕо тугу да кэпсээ-
бэккин? — дьахталлар киниттэн ыйыталлар.
    — Тугу кэпсиэхпиний? Кини туох да ордук ура-
тыта суох. Дьахталлар, биэдэрэлэригэр уу баһан,
баран истилэр. Оҕонньор кэннилэриттэн батыста.
Сылайан сынньаннылар. Илиилэрэ улугурда, уула-
ра дьалкыйда.
    Арай үс уол утары таҕыстылар. Биир уол тө-
бөтүнэн хойуостанар, көлүөһэлии эргийэр, ийэ-
тэ кинини хайгыы көрөр. Иккис уол ырыа ыл-
лыыр — соловейдыы куйуһутар. Дьахталлар ах ба-
ран иһиллээн тураллар. Оттон үһүс уол ийэтигэр
кэлэн, биэдэрэлэри ылаат хаама турда.
   162   163   164   165   166   167   168   169   170   171   172