Page 170 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 170

— Оттон тугу ылыахтарын баҕаралларын ыйыт
ээ.

    — Маша, тугу ылыаҥ этэй? — диэтэ Горик.
    — Маны, маны! — Маша аҥаара кыһыл, аҥаара
күөх кыра мээчиги үөһэ бырахта. Горик мээчиги
хабан ылан, Машаҕа сонун сиэбигэр аргыый уган
биэрдэ.
    — Оттон Миша, эн?
    — Мин дуо? Мин буоллахпына дуо? Мин арай
маны ылыам этэ, — Миша биир таһаҕас массыы-
натын диэки ыйда.
    Горик саҥата суох массыынатын одуулаһан
умса көрөн турбахтаата.
    — Чэ, доҕор, сороххо үс массыына баар, со-
роххо биир да суох буолуо дуо?! — диэн баран
Иван Иванович Горик төбөтүн имэрийдэ. — Хол-
куос таһаҕаһын тиэйэргэ ааттаах массыына. Биэс
тонналаах.
    Горик массыынатын диэки, Миша диэки харда-
рыта көрбөхтөөтө, онтон: «Мэ!» — диэбитинэн мас-
сыынатын тэбэн кэбистэ. Массыына көлүөһэлэринэн
муостаҕа тырылаабытынан Миша анныгар кэлэн:
«Чэ, олор» диэбит курдук тохтуу түстэ.
    — Ылбаппын! — Миша түҥнэри хайыһан кэ-
бистэ.
    — Ыл!
    — Ылбаппын!
   165   166   167   168   169   170   171   172   173   174   175