Page 16 - ЛИТЕРАТУРА ААҔЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААҺА
P. 16
соһон иһэрин көрдүлэр. Эмээхсин эрэйдээх сотору-сото-
ру сынньанаахтыыр. Уолаттар көмөлөһөөрү сүүрэн тиий-
биттэрэ, эмээхсин олбуортан тахсан барда. Онтон Ми-
шалаах олбуор иһиттэн тахсыа суохтаахтар этэ дии!
Көрөн тура сатаан баран, Лёвка синэ-биир диэбит-
тии, илиитинэн сапсыйда. «Ээ чэ», — диэтэ. Уолаттар
сүүрэн тиийэн, эмээхсинтэн суумкатын ыллылар уонна
дьиэтигэр тиэрдэн биэрдилэр. Төннөн кэлэн иһэн, Лёвка
санаарҕаабыттыы эттэ:
— Тылбытыгар турбатыбыт. Хаһан да биһигиттэн кос-
монавт да, разведчик да тахсыа суох...
Доҕордуулар курустук үөһэ тыыннылар.
16