Page 12 - ЛИТЕРАТУРА ААҔЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААҺА
P. 12

— Тоҕо тиийбэтий, ханна гыммыккыный?
            — Эһээ, мин биир о±урсуну сиэн кэбиспитим. Били-
      гин ону хайдах гынабын?
            — Чэ, хайдах гыныаххыный? Сиэбит буоллаххына, от-
      тон сиэтэҕиҥ дии. Доруобуйаҥ туһугар.
            — Оттон биир о±урсу сүппүтүгэр эйигин мөҕүөхтэрэ
      суоҕа дуо?
            — Көр эрэ, дьыала эбит! — оҕонньор мичик гынна. —
      Суох, биир о±урсу иһин туох да буолуо суоҕа. Оттон эн
      ити о±урсуну барытын аҕалбатаҕыҥ эбитэ буоллар, дьэ
      оччоҕо, бука, мөҕүөхтэр этэ. Биир о±урсу иһин мөҕүөх-
      тэрэ суоҕа.
            Котька, дьиэтин диэки сүүрэн иһэн, эмискэ тохтуу
      биэрдэ уонна ыраахтан хаһыытаата:
            — Эһээ, эһээ!
            — Туох баарый?
            — Оттон ити мин сиэбит о±урсум хайдах ааҕыл-
      лыай — уорбутум курдук дуу эбэтэр хайдах дуу?
            — Һм! — диэтэ оҕонньор. — Дьэ эмиэ кытаанах боп-
      пуруос! Чэ, туох буолуой, уорбатах курдук буол.
            — Ол хайдах?
            — Чэ, мин ол о±урсуну эйиэхэ бэлэхтээбитим курдук
      санан.
            — Баһыыба, эһээ! Мин бардым.
            — Чэ бар, бар, тукаам.
            Котька туох баар муҥ кыраайынан хонуу устун аппа-
      ны, үрүйэ муостатын нөҥүө сүүрдэ, онтон дэриэбинэҕэ
      киирэн баран, дьиэтигэр аа-дьуо хааман барда. Кини
      санаата олус көтөҕүллэн истэ.
12
   7   8   9   10   11   12   13   14   15   16   17