Page 10 - ЛИТЕРАТУРА ААҔЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААҺА
P. 10
— Оччоҕо мин, таһырдьа таһааран, быраҕаттаан кэ-
биһиэм.
— Суох, быраҕыаҥ суоҕа. Ити о±урсулары эн олорду-
батаҕыҥ, үүннэрбэтэҕиҥ, онон быраҕар быраабыҥ суох.
Котька ытаан барда:
— Онно остуорас баар, кини иһиирбитэ, биһиги ол
иһин куоппуппут.
— Дьэ, көрөҕүн дуо, тугу оҥорбуккутун! Арай остуо-
рас эһигини туппут буоллун!
— Кини кыайан ситиэ суох этэ, олус кырдьаҕас
оҕонньор.
— Сааппаккын даҕаны, — диэтэ Котькаҕа ийэтэ. —
Сүппүтүн биллэхтэринэ, оҕонньору буруйдуохтара. Ол
үчүгэй үһү дуо?
Ийэтэ о±урсуну Котька сиэбигэр төттөрү симтэ. Коть-
ка, ытыы-ытыы:
— Барбаппын! Оҕонньор саалаах. Кини миигин
өлөрүө, — диэтэ.
— Баҕар өлөрдүн! Мин уоруйах уоллаах буолуом кэ-
риэтэ, уола суоҕум ордук.
— Ийэкээ, иккиэн барыах. Таһырдьа хараҥата бэрт.
Мин куттанабын.
— Оттон ыларгар куттамматаххын дии.
Ийэтэ Котьканы, сиэптэригэр баппатах икки о±урсутун
илиитигэр туттаран баран, таһырдьа таһаарда.
— Эбэтэр о±урсуну илдьэн биэр, эбэтэр дьиэҕэр олох
төннүмэ, эн мин уолум буолбатаххын!
Котька аргыый аҕай уулусса устун баран истэ. Та-
һырдьа хайыы-үйэҕэ хараҥарбыт.
«Манна ханаабаҕа быраҕыам уонна илдьэн биэрдим
диэм» дии санаата Котька уонна ол-бу диэки көрүтэлээтэ.
10