Page 5 - ЛИТЕРАТУРА ААҔЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААҺА
P. 5

буоллаххына, тута билин, сымыйалаама, оччоҕо буруйуҥ
чэпчиэ,» — диэн тоһоҕолоон* этээччи.

     Сүүрүү-хаамыы былаастаах баран истэхпинэ, адьас ат-
тыбынан уонча курупааскы көтөн кылбаҥнаһан аастылар.

     Олору көрөн санаам уларыйа охсон, Былааһы булан
тыллыы охсор санаа киирдэ.

     Ол икки ардыгар күөл сыырын аннынан киһи төбөтө
көстө-көстө сүттэ.

     Мин Былаас сырыттаҕа диэммин, быһа суолтан туо-
раан, тэбинним. Киһим миигин көрбөккө иһэрин аахай-
бакка эрэ сыыр үрдүгэр сүүрэн кэлээт:

     — Былаас, Былаас, тыһаҕаһыҥ ууга түспүт үһү, ийэм
тыллата ыытта, — диэт төттөрү эргиллэн аҕыйах хаамыы-
ны оҥорорбун кытта:

     — Нохоо, киһини соһуттуҥ? Туох диэтиҥ, тыһаҕаһыҥ
ууга түспүт диэтиҥ дуу? Быччаҕар, эн эккирэтэн түһэрдэ-
ҕиҥ буолуо? — диэн саҥаран сыыбырҕаата. Сонно
тута: — Ол ханна түспүтүй? — диэни истэн илиибинэн
ыйан баран, сүүрэ турдум.

     Былаас мин кэннибиттэн, тугу эрэ саҥара-саҥара,
сиэлии былаастаан эккирэттэ.

     Мин дьиэбэр киһибин ырааҕынан быраҕан кэллим.
Аҕылыырым быыһыгар Былаас туох диэбитин ийэбэр
кэпсээн биэрдим.

     Сотору түннүгүнэн киһи төбөтө көстөн ааһарын кытта,
ааммытын тэлэччи аһан Былаас киирэн кэллэ. Туох да
дорообото-таймата суох быһа бааччы:

     — Уолуҥ эмискэ кэннибиттэн абааһы курдук сары-
лаан киһини соһутта. Ол тыһаҕаһым ханна ууга түспүтүй,
онтукабын көрдүү сылдьабын ээ, — диэн кэнникитин
сымната соҕус саҥарда.

                                                          5
   1   2   3   4   5   6   7   8   9   10