Page 4 - ЛИТЕРАТУРА ААҔЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААҺА
P. 4
Василий Тарабукин
САНАА ХАЙДЫ¤ЫЫТА
1. Кэпсээни аах. Хас кэрчиккэ араарыахха сөбүй?
2. Ханна туох буолла? Ким тугу гынна?
3. Тиэкис ис хоһоонунан ыйытыыта толкуйдаа.
4. Айымньы сүрүн санаатын этэр тылы, этиини бу-
ларга холон.
Мин кыра эрдэхпинэ, күһүн муус тоҥуута ийэм хан-
тан эрэ ыксаан аҕай кэлэн:
— Нохоо, ыл, Былаастаахха сүүр, аара Налыыр көр-
дүгэнин* кытыытыгар тыһаҕастара ууга түспүт. Бараҥ-
ҥын тыллыы оҕус, аны өлөн хаалыа, — диэбитигэр сүрэ-
ҕэлдьии-сүрэҕэлдьии таҥна туран:
— Акаары буолан ууга симилиннэҕинэ, сыттын ээ,
хата, кэһэйиэҕэ, — диэн төттөрүлэһэрдии этэбин.
— Бу туох буолбут чолоҕоруй*, аны сүрэҕэлдьээн
тылга тииһэ турар дуу? — диэн ийэм кыыһырбытыттан
хап-сабар ыалга тэбинним. Ол баран иһэн, дурдаҕа*
сытан куһаҕаннатан ыыппыт андыбытын убайбыныын
көрөн олордохпутуна Былаас киирэн ытан ылан баран,
биэрбэтэҕин өйдүү биэрдим. Ону санаан, сүүрэн иһэрбин
тохтотон, суол кытыытынааҕы үөккэ өйөнөн тура түһэбин.
Төттөрү хайыһан дьиэбэр барардыы хаста да атыллата-
лаан иһэммин, эргиллэ түһэн ыалым диэки тэбинэбин.
Кыраны да сымыйалаатахпына ийэбит мөҕөөччү, таһыйан
да туруо. Ол кэнниттэн сүбэлиэ-амалыа. «Буруйдаах
4