Page 7 - ЛИТЕРАТУРА ААҔЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААҺА
P. 7
лаас. — Хата, көмөлөөн хостуоҕуҥ, — диэн эйэ дэмнээх-
тик эппитигэр, үһүөн тыһаҕас хостуу бардыбыт.
Тыһаҕас чычаас сиргэ түспүт буолан, икки муоһуттан
Былаастаах ийэм ылан, оруу тардан таһаардылар.
Өлүү обоччотуттан* босхоломмут тыһаҕас, бастаан
сүһүөхтэрэ көһүйэннэр, байааттаҥнаата.
Өрүһүйбүт дьон диэки махтаммыттыы көрөн ыҥыранан
ылла, баһын булкуйбахтаата, дьигиһийэбин диэн охто
сыста. Иччитэ Былаас көхсүн имэрийбитигэр таҥаһын
сыллаан көрдө. Аргыый хааман, иччитин иннигэр түһэн,
дьиэтин диэки бара турда.
Тыһаҕаһы өрүһүйбүппүт иһин биир махтал тылы ис-
тибэтибит.
Тылбытын байытабыт
Көрдүгэн — ойуур иһигэр уот сиэбит сиригэр
үөскээбит дьоҕус гынан баран, дириҥ көлүйэ.
Чолоҕор — мэник.
Дурда — саһар хахха.
Тоһоҕолуур — хатылыыр.
Обоччо — киһини-сүөһүнү уйбат, аллара тардар
дириҥ бадараан.
Тиэкискэ былаанна оҥору². Былааны туһанан кэп-
сээ².
Манна маарынныыр түбэлтэни билэҕин дуо?
7