Page 9 - ЛИТЕРАТУРА ААҔЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААҺА
P. 9
— Ол аата уорбут буоллаҕыҥ дии?
— Суох, уорбатым, көннөрү ыллым эрэ. Павлик ылла
дии, оттон мин ыларым сатаммат үһү дуо? Дьэ онон
мин эмиэ ыллаҕым дии.
Котька сиэптэриттэн о±урсулары хостоон барда.
— Тохтоо, тохтоо! Хостоомо! — диэтэ ийэтэ.
— Тоҕо?
— Сибилигин төттөрү илт!
— Ханна илдьиэхпиний? О±урсулар кирээдэҕэ үүнэн
туралларын үргээбитим дии. Билигин аны син биир
үүнүөхтэрэ суоҕа.
— Илдьэн, ылбыт кирээдэлэргэр төттөрү уурталаа.
9