Page 8 - ЛИТЕРАТУРА ААҔЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААҺА
P. 8
Николай Носов
О¡УРСУ
1. Айымньыны оруолунан ааҕарга бэлэмнэн.
2. Котька ийэтиттэн тоҕо мөҕүлүннэ?
3. Кини оҕонньордуун тугу кэпсэттэ?
4. Котька санаата туохтан көтөҕүлүннэ?
5. Айымньы сүрүн санаата тугуй?
Биирдэ Павлик Котьканы өрүскэ күөгүлүү бэйэтин
кытта илдьэ барда. Кинилэр ити күн табыллыбатылар:
балык олох хаппата. Хата ол оннугар, төннөн иһэн,
холкуос оҕуруотугар киирэннэр, сиэптэрин тобус-толору
о±урсу хааланнылар. Холкуос остуораһа оҕонньор, ки-
нилэри көрөн, свистогунан иһиирдэ. Кинилэр куоттулар.
Арай баран иһэн, Павлик, холкуос оҕуруотугар киирби-
тим иһин мөҕүллүөм диэн куттана санаан, о±урсутун ба-
рытын Котькаҕа биэрдэ.
Котька дьиэтигэр үөрэн-көтөн киирдэ:
— Ийээ, мин эйиэхэ о±урсу аҕаллым!
Ийэтэ көрө түспүтэ: уола сиэптэрин уонна хонноҕун
анныгар толору о±урсуну хаалаан уонна икки илиитигэр
икки улахан о±урсуну тутан турар эбит.
— Хантан ыллыҥ? — ийэтэ ыйытта.
— Оҕуруоттан.
— Хайа оҕуруоттан?
— Онно, өрүс аттынааҕы холкуос оҕуруотуттан.
— Эйиэхэ ким көҥүллээбитэй?
— Ким да көҥүллээбэтэҕэ, бэйэм үргээтим.
8