Page 6 - ЛИТЕРАТУРА ААҔЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААҺА
P. 6
— Нохоо, ол тоҕо улахан киһини соһутаҕын? — диэн
ийэм сэмэлиир куолаһынан эттэ.
— Мин сарылаабатаҕым, сыыр үрдүттэн ааккын
ыҥырбытым, ааккыттан өһүргэнэр буолбуккун дуу, — диэн
балыйтарбыт кыһыыбын таһаараары утары кимистим.
— Бу уолу, көр да, чубугураан түһэн, — диэн ыал-
дьыппыт сэмэлиирдии саҥарда.
— Ол мин уолум эн тыһаҕаскын эккирэтэн ууга
түһэрбитин көрөн турбутуҥ дуо? Элбэх сүөһүлээх баай
киһи баайгын маныаххын, мин уолбуттан иҥниэҥ кэриэ-
тэ, — ийэм сөбүлээбэтэҕин биллэрдэ.
— Ээ, кэбис, инньэ диэмэ, соһуйбучча алҕас эттим
ини, — халбарытына, арыый сымнатан саҥарда Бы-
6