Page 14 - ЛИТЕРАТУРА ААҔЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААҺА
P. 14

— Хайа, телевизорга билигин мультик кэлиэхтээх!
            Оҕолор бары дьиэлэригэр ыстаннылар.
            — Бардыбыт! — Миша Лёвкатын тиэтэттэ.
            — Ээ, мин барбаппын, — Лёвка хата холку, — мин
      биэрбит тылбын толорорго үөрэнэбин. Бүгүн мультик
      көрүөм суоҕа диэтим да, ону хайаан да толоруохтаах-
      пын. Эттим — бүттэ, космонавтар уонна разведчиктар
      курдук. Эн бар ээ...
            Миша кэннин хайыһа-хайыһа дьиэтин диэки хаамта.
      Онтон, тохтоон тура түһээт, төннөн кэллэ.
            — Мин эмиэ тылбар турарга үөрэниэхпин баҕарабын.
      Ийэм, куруук эрэннэрэргин эрэ сатыыгын, этэн баран
      оҥорбоккун диэн мөҕүттэр.
            — Дьэ, хата бэрт! — Лёвка үөрэ түстэ! — Иккиэ
      сырыттахха тылга турар быдан чэпчиэҕэ.
            Кырдьыга да оннук. Миша бэйэтэ эбитэ буоллар,
      мультик көрө сүүрбүтэ ыраатыа этэ. Саатар, аһаҕас
      түннүктэринэн барыта иһиллэ турар. Оннооҕор иккиэ-
      лэспиттэрин үрдүнэн тылга турар бэрт кытаанах эбит.
      Чочумча* буолан баран, Лёвка ыйытта:
            — Эн мантан ыла куруук эппиккин толорор буолаҕын
      дуо? Мин сарсын минньигэһи сиэбэт күнүм.
            — Мин эмиэ! — Миша быһаарыылаахтык хардарда.
            Дьиэтигэр киирбитигэр, ийэтэ ыйыта тоһуйда:
            — Хайа, бүгүн тоҕо мультик көрбөтүҥ? Үчүгэй баҕайы
      мультиктары көрдөрдүлэр.
            — Мин эппит тылбын толорорго үөрэнэбин.
            — Хайыа! — аҕата соһуйда да, тугу да элбэҕи
      саҥарбата.
            Сарсыарда Миша уһуктубутугар, дьиэ иһэ минньигэс
14
   9   10   11   12   13   14   15   16   17   18   19