Page 101 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 4 КЫЛААС 1 ЧААhА
P. 101

О ҕ о н н ь о р . Оо, дьэ хаарыан хоргун куоттаҕа! Хаа-
рыан сыа-арыы тохтон эрдэҕэ! Ылыҥ, нохолоор, били
дьадаҥыны киллэрэ охсуҥ, түргэнник, күөһү өрүһүйүҥ.

     У о л а т т а р (сырсан иһэннэр). Уу, сыа-арыы куотта!
(Сотору дьадаҥыны умса-төннө анньан киллэрэллэр.)

     Д ь а д а ҥ ы (то ҥ хо ҥ н уу-то ҥ хо ҥ н уу). Тойонуом, туох-
ха...

     Э м э э х с и н (быһа түһэн хаһыытыыр). Чээ, күтүр,
тоҥхоҥнуу сатыы турума! Күөс, күөс куотта, өрүһүйэ оҕус!
(Дьадаҥы онно сүүрэр.)

     О ҕ о н н ь о р (былаатынан сапсына-сапсына). Хаа-
рыан хоргун, хаарыан сыа-арыы! (Дьадаҥы күөһү аҕалан
остуолга уурар.)

     У о л а т т а р . Сыта минньигэһин! Сиэххэ-аһыахха.
     К ы р г ы т т а р . Ээ, мин эмиэ сиибин, мин эмиэ
сиэм!
     О ҕ о н н ь о р . Эмээхсин, били улахан хамыйаҕым
ханнаный?
     Д ь а д а ҥ ы (аһаан эрдэхтэринэ көрөөччүлэргэ). Кө-
рүҥ, ити долбуурдаах аһы кыайан ылан аһаабат дьон
бэлэми эрэ мэтийэллэригэр бэртэрин! (Тахсар.)

                                                    Б ы ы с.

         1. Оруолунан үллэстэн ааҕын.
         2. Оонньоон көрдөрөргө туһалаах буоларын туһугар хас

             биирдии оруол туох уратылааҕын кэпсэтин.
         3. Хайдах быһыылаах көстүүмнэри оностору быһаар-

             сын.
   96   97   98   99   100   101   102   103   104   105   106