Page 100 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 4 КЫЛААС 1 ЧААhА
P. 100

килэр. Бэйэлэригэр биир хааһы эбиннэхтэринэ, кинилэр
үһүө буолаллар.

     (Уолаттар хаастарын былдьасыһаллар, кыргыттар бэ-
йэ-бэйэлэригэр ыйыалаһан үтүөлэһэллэр.) Мин бэйэм
соҕотохпун, онон бу икки хааһы кытта холбостохпуна (ха-
астары икки хонноҕун анныгар уктар), биһиги да үһүө бу-
олабыт.

     Э м э э х с и н (ойон турар). Ии, бэйи, бу баранаагыҥ
хайдах-хайдах үллэрдэ, оҕолор?

     О ҕ о н н ь о р (тиэрэ түһэ-түһэ саһыгыраччы күлэр).
һа-һа-һаа, дьэ киитэрэй баранаах буолла доҕор! һа-һа-һаа,
муударай үллэрии буолла буолбаат! Хайаныллыай, бач-
ча уустук үллэриигэ манньа бэриллэн эрдэҕэ дии. (Хоон-
ньуттан саппыйатын таһааран, онтон манньыат ылар.) Чэ
мэ, ноко, манньыаккын тут.

     Д ь а д а ҥ ы (ытыһыгар уурдаран ылар, тоҥхоҥнуур).
Баһыыба, тойонуом. (Сэниэ ыаллара итини көрөн сиргэ
силлиир, тахсан барар.)

     Э м э э х с и н (дьадаҥыга). Хайа, күтүр, итиччэ ман-
ньаны ылан баран, таах тахсан барыаҥ дуо, ити булду
күөстээн-астаан кулу. (Дьадаҥы саҥата суох хаастары
ылан хаҥ ас диэки барар, сотору кэлэн таһырдьа ааһар.)

     Д ь а д а ҥ ы . Күөһү уокка уурдум, ылан аһаарыҥ!
     К ы р г ы т т а р (дьадаҥы кэнниттэн көрөн тураннар).
Пыы, мин итини сиэбэппин! Мин эмиэ сиэм суоҕа! Пахай!
(Хаҥас диэки баран иһэн, кэннилэринэн тэйэн төннөл-
лөр, ыйа-ыйа.) Тыый, туох эрэ тыаһыыр! Уой, сырдьыгы-
ныыр! Оо, күөс куотта, күөс куоттаа!
     Э м э э х с и н (ыксаан тура-тура олорор). Оо, бу
иэдээни, бу алдьархайы. Били күөспүт куоттаҕа! Оҕонньор,
хайдах гынабыт?
   95   96   97   98   99   100   101   102   103   104   105