Page 99 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 4 КЫЛААС 1 ЧААhА
P. 99
тыабыт. Оттон эн хаастарыҥ биэстэр. Онон, биһигиттэн
кими да баттаабат курдук, тэбис-тэҥник ити хаастаргын
үллэрэн кулу. Сатаан үллэрдэххинэ, дьэ уолбун кыһыл
көмүс манньыатынан манньалыам, оттон сатаабатаххы-
на — тугу хоргутуоҥуй.
С э н и э ы а л . Кыһыл көмүс манньыатынан? Үллэрэн
көрүүм эрэ. (Хаастары ыла-ыла араастаан үллэрэ сатыыр,
табыллыбат. Кэтэҕин тарбанар.) Чэ, кэбис, кыаллыбата.
О ҕ о н н ь о р . Бээ, кыайбатыҥ доҕор. Ылыҥ эрэ, но-
холоор, били дьадаҥы ыалбытын ыҥыран киллэриҥ.
У о л а т т а р . Эн бар, хата, бэйэҥ бар, чэ барыый,
доҕоор, чэ оччоҕо иккиэн барыахха! (Сырсан тахсаллар.
Сотору дьадаҥы ыалларын үтүөлээн киллэрэллэр.)
Д ь а д а ҥ ы (бокулуоннуур). Туохха ыҥыртардыҥ, то-
йонуом?
Э м э э х с и н . Уу, күтүр, дьүһүн буолаахтаан! (Кынча-
рыйан ылар.)
О ҕ о н н ь о р . Дьэ нокоо, бу ыалбыт кэһиитин биэс
хааһы аҕалбыт. Онтун биһиэхэ, алта киһиэхэ, сатаан үл-
лэрбэтэ. Аны эн биһигиттэн кими даҕаны баттаабат кур-
дук, тэбис-тэҥник үллэрэн көр. Сатаан үллэрдэххинэ, дьэ
кыһыл көмүс манньыат бэлэхтиэм, оттон сатаабатаххына...
Э м э э х с и н (быһа түһэр). Сатаабатаххына, нохоо,
тараах иэннэниэххэр диэри таһыйтарыллыа!
Д ь а д а ҥ ы (тэпсэҥ нии түһ эр ). Ок-сиэ, оттон... үл-
лэрэ сатаан көрүөм буоллаҕа. Инньэ диэн хайыамый. (Ос-
туолга кэлэн хаастары үллэртээн барар.) Чэ, эһиги, оҕон-
ньордоох эмээхсин, иккиэҕит. Бу хааһы ыллаххытына, үһүө
буолаҕыт. Уолаттар, эһиги эмиэ иккигит. Бу хааһы ыллах-
хытына, эмиэ үһүө буолаҕыт. Оттон кыргыттар эмиэ ик-