Page 98 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 4 КЫЛААС 1 ЧААhА
P. 98
руна, таһыттан сэниэ ыаллара киирэн кэлбит. (Ааҕааччы
барар, ыалдьыт киирэр.)
С э н и э ыа л . Дорооболоруҥ, дьиэлээхтэр. (С үгү-
р үс гынар.)
Э м э э х с и н . Э-и чэ, дорообо. (Иэдэс биэрэр.)
О ҕ о н н ь о р . Дорообо, нокоо. Бу туох сонуннаах
ыалдьыккыный?
С э н и э ы а л . Соччолоох сонун суох. Арай бултаан-
алтаан кэллим.
О ҕ о н н ь о р . Ноо! Булт хайдаҕый?
С э н и э ыа л . Ээ, син баар. Хаастары хаптаппахтыы
түстүм.
Э м э э х с и н (сэргии түһ эр ). Тыый, эчи үчүгэйин!
О ҕ о н н ь о р . Үчүгэйдэппиккин ээ, бадаҕа?
С э н и э ыа л . Соннук. Байанайым мичик гынна. Үтүө
ыалбар, эһиэхэ, кэһиибин аҕаллым. (С үгэһэрин түһэрэн
арыйар. Хаастары хостуур.)
О ҕ о н н ь о р . Сөп буоллаҕа дии. Дьэ ити киһи бы-
һыыта.
Э м э э х с и н . Ии, бу барахсаны, кэһии аҕалаахтаа-
быт дии.
С э н и э ыа л . Ээ, эһигиттэн кэннибэр туттуом баа-
ра дуо. Бу — барыта биэс хаас.
О ҕ о н н ь о р . Биэс хаас даа? (Толкуйдуу түһэр.)
У о л а т т а р (илиилэринэн кыҥыы-кыҥыы ытыалаа-
быта буолаллар). Оок, кустар! Ытыахха! Пус-пус-пус! Аһа,
табылынна. Мин эмиэ таптым. Пус...
К ы р г ы т т а р (сиргэнэн мырдыччы тутталлар. Ыйа-
ыйа). Пыы, түүлээхтэр! Пыы, ити хаана тахсыбыт!
О ҕ о н н ь о р . Дьэ ыалым, бу кэһиигин аҕалбыккын.
Ити гынан баран көрөрүҥ курдук, биһиги дьиэ кэргэн ал-