Page 66 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 4 КЫЛААС 1 ЧААhА
P. 66
Остуоруйа. Үһүйээн. Номох
Болҕ ойобун:
• араас норуот остуоруйатын тэннии тутан ырытарга;
• бэриллибит тиэмэҕэ остуоруйа толкуйдуурга;
• үһүйээн уонна номох өйдөбүллэрин быһаарарга;
• үһүйээн эбэтэр номох хомуйан, онон иһитиннэрии оно-
рорго.
КЫРЫНААС КУТУРУГУН ТӨБӨТӨ
ХАРА БУОЛБУТА
(Саха остуоруйата)
1. Кырынаас туһунан тугу билэргин кэпсээ.
2. Куобах Бөтөҕөтө оҕонньорго кырынаас хайдах тии-
йэн кэллэ?
3. Оҕонньор иһигэр туора м уост аах киирэр диэн аап-
тар тугу этэрий? Бу ситими быһаар, биир тылынан
туох диэххэ сөбүй?
4. Остуоруйа геройдарын туһунан тугу санаатын? Ону
быһаар.
Билиҥҥи кыыллар, үөннэр-көйүүрдэр бары бэйэлэри-
нэн буолбут кэмнэрэ этэ. Ахсаан өттүнэн бары да аҕы-
йахтара эбитэ үһү. Ити кэмҥэ билиҥҥи кырынаас хара-
тыҥы кугас чаалай* өҥнөөх дьүһүннээҕэ.
Өйдөөбөтөх өттүттэн чысхааннаах, кырыктаах кыһын
кэлбит. Арай тыа ортотугар Куобах Бөтөҕөтө оҕонньор