Page 71 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 4 КЫЛААС 1 ЧААhА
P. 71
— Тордох сиэрдийэтигэр!
— Билиэ!
— Тордох түүтүгэр!
— Билиэ, билиэ!
— Тугу гынабыт? Ыһыырынньыкка кубулутуум!
— Бэрт, бэрт!
— Чэ, олор!
Кыысчаан олорунан кэбиспит. Табата табыйбыт —
кыысчаан ыһыырынньыкка кубулуйбут. Тордох иһин сыр-
дыгынан толорбут.
Ый буоллаҕына, эмиэ үөр табаны бүтүннүү кэрийэн
көрбүт уонна түһүлгэҕэ өрө көтүтэн кэлбит.
Табаларын баайан, тордоххо киирэн көрдөөбүт. Иһити-
хомуоһу, тирии таҥас түүтүн сааһын, орон мастарын бү-
түннүү көрбүт — кыысчаан ханна да суох!
Ыһыырынньык сып-сырдык, Ый эмиэ сып-сырдык, ол
иһин сырдыгы өйдөөн көрбөт.
— Дьикти, — диир Ый. — Ханнаный кыысчаан? Эмиэ
туга да суох төннөр буоллум.
Тордохтон тахсан табаларын сүөрэн наартатыгар олор-
бут. Ол кэмҥэ кыыс дьиэли* сэгэтэн быһар быһаҕаһыгар
диэри быган туран, күлэ-күлэ Ыйга хаһыытаабыт:
— Мин бу баарбын! Бу баарбын!
Ый тордоххо ыстаммыт. Кыыс буоллаҕына, эмиэ ыһыы-
рынньыкка кубулуйбут.
Ый эмиэ көрдөөн барбыт. Мутуктары, сэбирдэхтэри,
түү быыһын, сири кытары сүргэйбит — кыыс суох!
— Тугун дьиктитэй?! Кыыс ханнаный? Ханна сүттэ?
Быһыыта, кураанах төннөр буоллум!
Тахсан табаларын сүөрэ турдаҕына, кыыс тордохтон
быган туран күлбүт уонна хаһыытаабыт: