Page 73 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 4 КЫЛААС 1 ЧААhА
P. 73

Кыыс дьиктиргээбит:
     — Хайдах дьагдьайдыҥ? Мэлдьи көҥүлгэ, таһырдьа
сылдьаҕын, дьиэҥ суох, онон манна да сыт ээ!
     — Оччоҕо дьиэтэ суоҕу ыытан кэбис! Дьоҥҥор-сэргэ-
ҕэр көрү-нары аҕалыам. Ыыт миигин — норуоккар сирдьит
буолуом! Ыыт миигин — күнүһү түүнүнэн солбуйуом! Ыыт
миигин — дьоҥҥор күн-дьыл кээмэйэ буолуом! Бастаан
Эргэ оҕус ыйа буолуом, онтон Тугут төрүүр ыйа буо-
луом, онтон Уу ыйа, онтон Сэбирдэх ыйа, онтон Куйаас
түһэр ыйа, онтон Таба муоһун аалынар ыйа, онтон Кыыл
таба сүүлүн ыйа, онтон Кыһын саҕаланар ыйа, онтон Күн
кылгыыр ыйа...
     — Ыыттахпына, күүһүрэн-уоҕуран, сэниэлэнэн баран
миигин уора кэлиэҥ суоҕа дуо?
     — Эчи, суох! Хантан! Эн олус булугас өйдөөххүн! Аны
хаһан да халлаантан түһүөм суоҕа! Ыыт — сырдатыам!
     Кыыс ыыппыт — Ый тыкпыт.

         Ыйдар ааттарын тиэкистэн устан ылын уонна биһи-
         ги билинни ханнык ыйдарбытыгар сөп түбэһэрин бы-
         һаарын.

    Тылбытын байытабыт

    Дьиэл — эргэр. 1. Ураһа аанын сабыыта, тирии эбэтэр туос
    халҕан. 2. Аан.
    Дьагдьайар — тонон барар.
   68   69   70   71   72   73   74   75   76   77   78