Page 78 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 4 КЫЛААС 1 ЧААhА
P. 78
ОМОҔОИ БААЙ , ЭЛЛЭЙ БООТУР
1. Саха төрдүн туһунан билэргин кэпсэтис.
2. Омоҕой Баай, Эллэй Боотур саха норуотугар туох
үтүөлээхтэрий?
3. Дойду иччитэ Эллэйгэ эппит тылларын булан бы-
һаар.
4. Сэһэн чаастарын ааттаа, онно олоҕуран судургу бы-
лаанна оҥор.
I
Саха төрдө-ууһа буолбут бырааскай омук киһитэ Омо-
ҕой Баай, онно баар омуктары кытта өстөһөн-саастаһан,
биир кэмҥэ атах мээнэ күрүүрэ кэлэр. Кини төрүкү сыл-
гы-ынах сүөһүлээх киһи эбит.
Омоҕой сүөһүлээх, түөрт уонча киһилээх, биир Аан
Даххан диэн ойохтоох, биир Дайбаахы Хара диэн уоллаах,
Ньыкаа Харахсын диэн мааны, Хаан Этилик диэн көйгө
икки кыыстаах күрүүр. Өлүөнэ өрүһү булан түспэккэ, му-
нан, билиҥҥи Бүлүү өрүһүнэн айаннаан, болуотунан үрэх
устун таҥнары устан иһэр.
Ол иһэн Бүлүүгэ тохтоон дьодьоҕон дьонун онно хаал-
ларан, олохтоон, бэйэтэ үтүө дьонунуун Бүлүү өрүһүн
төрдүгэр кэлэн, Өлүөнэҕэ киирэр. Ол киирэн туран, хоту-
соҕуруу диэки көрүөлээн баран: «Дьоллоох олохтоох, үтүө
дойду бу диэки эбит», — диэн, били устан иһэр болуо-
тун өрө бэчимэлээн Өлүөнэ өрүһү өксөйөр. Ол өксөйөн,
билиҥҥи Нам сиригэр кэлэн, оччоҕо тоҥустар олоролло-
рун көрсө түһэн, олору үүрэн, биир сиргэ тохтоон олох-
суйаары гынар. Ол гынан баран олохсуйбакка, өксөйөн,