Page 79 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 4 КЫЛААС 1 ЧААhА
P. 79
билиҥҥи Дьокуускай куорат оннугар Сайсары диэн күөлгэ
тохтоон, таптаан олохсуйар. Ол олохсуйан Омоҕой байар,
дьоно-сэргэтэ үксүүр.
Омоҕой бастааҥҥы дьиэтэ кыһын түннүгэ, оһоҕо суох
буор балаҕан, арай үрдүнэн эрэ сырдык киирэр аһаҕас-
таах, дьиэтин ортотунан холумтаннаах эбит. Сайын эмиэ
ону маарынныыр ураһа дьиэлээх. Кини сылгы иһитин
билбэт, уһаныы, оҥоруу диэни эмиэ хотон билбэт эбитэ
үһү диэн буолара.
II
Сотору соҕус Омоҕой кэнниттэн, татаар дуу, быраас-
кай дуу төрүттээх Эр соҕотох Эллэй Боотур диэн киһи
хаһыа эрэ буолан эмиэ сайын Өлүөнэни таҥнары устан
кэлбиттэр. Кинилэр болуоттарыгар балаҕаннаах кэлбит-
тэрэ үһү дииллэрэ. Ол кэлэннэр илин эҥээр, билиҥҥи
Илин Хаҥалас сиригэр Ой бэс диэн дойдуга, Нөөрүктээ-
йи Хаҥалас олоҕор тохтууллар. Маны билэн, Омоҕой
баай кэргэн уолаттара тахсан ыҥыран, арҕаа эҥээргэ та-
һаараллар.
Сорох сэһэнинэн, Эллэй Боотур биирдэ саҥа уһуктан
олордоҕуна, биир баай хатыҥтан дойду иччитэ буолбут
хотун тахсыбыт. Кини муостаах, нуоҕайдаах бэргэһэтин
эгэпчилии, бэдэр саҥыйаҕын ньэлбэгэйдии кэтэн туран,
үүс-киис тириитэ өллүргэлээх үтүлүгүн уоһунан илиитин
таһааран туран: «Киһи-сүөһү төрдө буолаар, эн дьолуҥ,
соргуҥ арҕаа эҥээр киэҥ сыһыыга турар; дьоллоох киһи-
сүөһү төрдө буол!» — диэн алҕаабыта үһү. Күөх солко оту-
нан, лабыктанан талбаатыы-талбаатыы уруйдаабыта, он-