Page 82 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 4 КЫЛААС 1 ЧААhА
P. 82
биэни чаастаан кыыстаах күтүөтүн бэйэтин олоҕуттан хоту,
аллара диэки үүрэн кэбиһэр.
Ол арахсаннар, Эллэй ойоҕунаан, билигинэн буолла-
ҕына, Киллэм хонуутугар тиийэн олохсуйаллар. Ол сиргэ
сэп-сэбиргэл, балаҕан, ураһа тутталлар, түптэ түптэлиил-
лэр. Ол түптэҕэ Омоҕой Баай сүөһүтэ барыта бырдахтан
күрэнэн мунньустар. Ол кэлбиттэрин олоччу ыан ылан,
үүт-ас мунньан, олоҕурдан иһэр. Кэлбит сүөһү кини түптэ-
титтэн арахпат, маны барытын сүөһү, баай оҥостон иһэр.
Оччотооҕу майгынан, Омоҕой да төттөрү үүрдэрэн ылбат
буолар эбит.
Оччоҕо бырдах бу дойдуга олуһа эбитэ үһү.
Бу олордохторуна, Эллэйдээхтэн саамай маҥнайгы оҕо-
лоро төрүүр. Ол төрөөбүтүгэр ыһыах ыһаары, кымыс бэ-
лэмнэтэллэр. Түһүлгэ туруоран, чэчир анньан, сиэл баайан,
сылгы-ынах иһитин кэккэлэтэн бэлэмнииллэр. Омоҕойу
Эллэй бастааҥҥы ыһыаҕар ыҥырбытын кэлбэтэх. Онон
Эллэйдээх бэйэлэрэ эрэ тэринэн, уот аан маҥнай ки-
нилэр саха дойдутугар, Киллэмҥэ ыһыах ыһаллар. Ол
ыһыахтарыгар Эллэйдээх үөһээҥҥи Үрүҥ Айыыны, Дьөһө-
гөй Айыыны алҕаан, аһыыллар-сииллэр, үөрүү, ырыа-хо-
һоон олохтууллар.
IV
Эллэй Боотур бастыҥ уол оҕотугар Лабыҥха Сүүрүк
диэн аат биэрэр. Ол оҕо кыра сүөһүнү барытын түптэҕэ
мунньар, чороон, тордуйа иһит оҥортуур идэлэнэр. Кини
алгыстаах ырыаһыт буолан барар. Кини биир кэмҥэ ыһыах
ыһар, онно бары айыыларын алгыыр. Ыһыаҕын түһүлгэти-
гэр эһэтин-эбэтин Омоҕойдооҕу ыҥыртаан аҕалан олор-