Page 83 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 4 КЫЛААС 1 ЧААhА
P. 83

дон эрэн, кэриэн айах диэн улахан чорооҥҥо кымыһы
толору кутан баран, өрө тутан, сөһүргэстээн олорон дьик-
ти үлүгэрдик Үрүҥ Айыыны алҕаан ааттаабытыгар үрүҥ
хопто кыыл кэлэн, үөһэнэн, халлаан оройунан элиэтээн
эргийэн ааһар. Онтон Лабыҥха Сүүрүк Дьөһөгөй Айыыны
ааттаан алгыыр, ол алҕаабытыгар атыыр оҕус айаатыы-
ра, мөҥүрүүрэ иһиллэр. Ол кэннэ үөһэнэн хара эриэн
көтөрдөр эргийэн, элиэтээн ааһаллар. Бу көстүтэлээби-
тин көрөн олорон куттана, дьиксинэ биэрэн, Омоҕой Баай
тутан олорор кымыстаах кэриэн айаҕын тиэрэ дьалкы-
тан, түһүлгэҕэ тоҕон кэбиһэр. Мантан тэптэрэн сол оло-
рор сиригэр умса түһэн өлөн хаалар. Оҕонньорун кэн-
ниттэн сонно эмээхсин өлөн нусхас гына түһэр. Олору
иккиэннэрин, онно түһүлгэ анныгар көмөн, уҥуох тутан
кэбиһэллэр.
   78   79   80   81   82   83   84   85   86   87   88