Page 80 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 4 КЫЛААС 1 ЧААhА
P. 80
тон билэн-истэн Эллэй көһөн арҕаа эҥээргэ тохтообута
үһү диэн буолара.
Ол кэлэн Эллэй Омоҕой Баайга үс сылга кэргэн, хам-
наччыт уол буолан сылдьар, Эллэй, үлэтигэр-хамнаһыгар
бэрдэ бэрт буолан, ол кэннэ ууһа-сатыыра бэрт буолан,
олус таптатар. Омоҕой олоҕун кини олус көннөрөр, ту-
руору балаҕан тутар, онтуката түннүктээх, иһигэр сыбах
оһохтоох, хоролоох, холумтаннаах буолар. Бары сылгы-
ынах иһитин оҥортуур. Кураахтаах саанан, үҥүүнэн, ба-
тыйанан араас булду бултуур. Туттуута киһиттэн эрэ ор-
дук буолар.