Page 87 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 4 КЫЛААС 1 ЧААhА
P. 87

тэн, ытык этэ ыадайан, күүстээх көрүҥнэммит, быһый
быһыыламмыт. Илиилээх бөҕөтө буолбут, атахтаах сытыы-
та буолбут. Икки атахтаах иннин быһа хаампат эбит.

     Оччотооҕу кэмҥэ ол-бу улуус ааттаахтара, бөҕөлөрө,
ханна улахан бөҕө киһи үөскээбитин истэн-сураан кэлэн,
кыайан-хотон бардахтарына, оччоҕо эрэ ааттара аатырар,
сурахтара сураҕырар, биллэр дьон буолаллара үһү. Ол
быһыытынан Майаҕаттаны атын улуус ааттаах бөҕөлөрө
үтүө ааты ылаары, бэркэ сураан-чуҥнаан көрө-көрө, дьу-
лайан, саһан сылдьаллара үһү.

     Майаҕатта бэйэтэ атын улуустар дьоһуннаах бөҕөлөрү-
гэр ааттаан бардаҕына, иһэр сибиэнин билээт, атах му-
ҥунан куотан эрэ биэрэллэрэ үһү. Онон дьэ, уу харахтаах
утары көрбөккө, уон тарбахтаах олус ууммакка, аҥаардас-
тыы аатыран, соҕотохтуу сураҕыран олорбут.

     Майаҕатта саамай таптыыр, туохтан да ордук дьа-
рыгырар идэтэ булт эбитэ үһү. Туох арааһынай халлаан
көтөрүн эгэлгэтин, сүүрэр атахтаах булт эгэлгэтин, уу
балыгын эгэлгэтин бултуура үһү. Бэйэтэ олорор сирэ —
Хаҥа диэн ааттаах сиргэ дьиэлээх. Онтон Мүрү диэн сир
түөрт көс, онно баран кустаан кэлэрэ үһү, хоппо курдук
тымтайдаах, ону толору хаалаан баран сүгэн аҕалара.
Дьиэтиттэн Төҥүлү диэн күөл биэс көс, онно баран
туунан-ардьааҕынан балыктаан эмиэ били тымтайынан
сүгэн кэлэрэ. Хара тыа булдун өрүс арҕаа эҥээригэр
тахсан бултуура үһү.

     Сайын өрүһү туорууругар дүлүҥү кэккэлэтэн, болуот
оҥостон баран, өрүһү быһа эрдэн туоруура. Ол бултуур
күөллэрин бастыҥнарын Тойон Мүрү, Хотун Төҥүлү диэн,
оттон бэйэтэ олорор сирин Кыыс Хаҥа диэн ааттаабыт.

     Майаҕатта дьэ ол курдук сураҕыран олорорун саамай
   82   83   84   85   86   87   88   89   90   91   92