Page 91 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 4 КЫЛААС 1 ЧААhА
P. 91
МАНЧААРЫ ХАППАР УОЛУГАР
ААТ БИЭРБИТЭ
1. Манчаары туһунан тугу билэҕин?
2. Хаппар сүрэхтээҕэ, үлэһитэ туохтан биллэрий?
3. Манчаары оҕонньорго этэр тылын быһаар. Уолу ким
диэн ааттаата? Тоҕо?
4. Уот кыымнаах, өтөх төццргэстээх диэн тугуй?
Быһааран кэпсээ.
Маар күөл хоту өттүгэр Хаппар диэн дьадаҥы киһи
олорбут. Бэрт сүрэхтээх, үлэһит киһи быһыылаах эбит.
Оччотооҕу диэтэххэ, балачча суон маһынан ампаар дьиэ
туттан олорбут.
Арай тыаллаах-хаардаах киэһэ биир оҕонньор киирэн
кэлбит. Кэпсэтэн барбыттара, Хочо диэки сылдьан баран,
дойдутугар Мархалаан иһэр Баһылай диэн, былыргыта
булчут оҕонньор сылдьар эбит. «Хоннор», — диэн көрдөс-
пүтүгэр, Хаппар: «Хоноһону күндүлүүр үчүгэй аһа-үөлэ суох
ыалбыт, ону кэрэйбэтэххинэ хон», — диэбит. Ити курдук
кэпсэтэн, бу оҕонньор хонор буолбут.
Киэһэ атын аһатаары, от көрдөөбүт. Онуоха Хаппар
бэрт кыра уҥуохтаах, уонча саастаах уол оҕотугар: «Тоо-
йуом, ити оҕонньорго отто сүгэн аҕалан биэр, атын аһа-
тыаҕа, эйиэхэ сааһын биэриэҕэ», — диэбит. Били оҕо
таҥнан, хап-сабар тахсан барбыт.
Ону көрөн хоноһо оҕонньор: «Ити бэйэлээх төһө оту
аҕалыа буоллаҕай», — диэн, таҥнан батыһан тахсыбыт.
Били оҕо күрүөттэн от сүгэн иһэр эбит. Киһитэ суох көн-
нөрү бугул от бэйэтэ иһэр курдук. Оҕонньор ону көрөн
сөҕөр, уол сэргэ төрдүгэр аҕалан уурбут отун көтөҕөн көр-