Page 86 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 4 КЫЛААС 1 ЧААhА
P. 86

МАЙАҔАТТА БЭРТ ХАРА

         1. Урут Майаҕатта туһунан тугу истибиккиний?
         2. Майаҕатта күүһүн уонна майгытын туһунан тиэкис

             тылын туһанан кэпсээ.
         3. Хардаҕастай Мэргэн диэн кимий? Майаҕаттаҕа тоҕо

             кэлэ сырытта?

     Былыр, 1500 сыл анараа өттүгэр, Бороҕон улууһугар
Эбэрикээн эмээхсин диэн олорбута үһү. Киниттэн биир
уол оҕо төрөөбүт. Бу оҕо бэрт үөскүлэҥ, улахан, эр си-
рэйдээх-харахтаах оҕо буолан баран, атаҕынан хаампат
босхоҥ буолан, тоҕус сааһын туолуор диэри сыппыт үһү.

     Ийэтэ Эбэрикээн эмээхсин уолун Майаҕатта диэн аат-
таабыт. Бэйэтэ бэрт дьадаҥы эбит, онон бултаан-алтаан
аһатар уонна бэрт аҕыйах ынахтааҕа үһү. Онон хайдах
кыайарынан уолун ииппит.

     Уола босхоҥ буолан сытарыттан, эмээхсин аба бөҕөнү
абарар, санаа бөҕөнү санааргыыр үһү. Оннооҕу-маннааҕы
ааттаах ойууннары кыырдарар, онтулара абааһыга арааһы-
най толук биэрэ сатыыллар да, туох да туһа суох буолбут.

     Тоҕуһун туолбутун кэннэ, арай биирдэ Эбэрикээн
эмээхсин уолугар кытыйаҕа хаан аҕалан биэрбит. Бу ха-
аны хантан ылбыта биллибэт: сүөһү киэнэ дуу, көтөр-
сүүрэр киэнэ дуу. Уола Майаҕатта бу хааны ылан иһэн
кэбиспит. Онтон ыла улам-улам үчүгэй буолан, устунан
атахтанан хаалбыт.

     Бу оҕо уонун туоларыгар уҥуоҕунан оччотооҕу ула-
хан дьоннооҕор улахан буолбут. Үрдүнэн үрүҥ чыычааҕы
көтүппэт, аннынан күүдээх кутуйаҕы аһарбат буолбут.
Онтон сааһын туолан, буутун этэ буһан, сиһин этэ си-
   81   82   83   84   85   86   87   88   89   90   91