Page 68 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 4 КЫЛААС 1 ЧААhА
P. 68
һар. Биирдэ оҕонньор наһаа харыстыыр кыра хаһаас арыы-
лаах дьааһыгын аһан көрбүтэ, хайыы-үйэҕэ тиис суола ки-
рэн чугаһаппыт үһү. Куобах Бөтөҕөтө оҕонньор иһигэр туо-
ра муостаах киирэр, хааһы курдук үлтү бутуллан хаалар.
Өйдүү биэрэн, бултуу барбыта буолан баран, мас оннугар
саһан турар. Кырынаас, ол-бу диэки чолооруҥнаан баран,
дьааһык иһигэр кыра орпут арыытын кирэн киирэн барар.
Оҕонньор үөттүрэҕин илиитигэр тутан, хампы охсор
санаанан тыаһа суох иһэрин кырынаас обургу, сэргэхтэн
сэргэх, билэ охсон куотан истэҕинэ, хаһыыра түһэн баран
сырбаппытын, аһаран биэрэн, кутуругун төбөтүн таптаран
эрэ хаалар. Оҕонньор эрэйдээх: «Бэйии-бэйи, хара бара-
наах! Муус маҕаны син бэлиэтээтим ээ», — диэн хаал-
быт. Кырынаас кутуругун төбөтүгэр, оҕонньор охсубута
бааһыран дуу, хоруо сыстан дуу, хара түүлэммитэ би-
лигин да сотуллубакка сылдьар. Онтон ыла кырынааһы
«бэлиэлээх» диэн ааттаабыттара.
Тылбытын байытабыт
Чаалай — ньырҕа түүлээх.
Үөлэс — оһох ураатын хайаҕаһа.
Ураа — оһох турбатын дьиэ үрдүттэн быган турар өттө.
Толкуйдаа. Тобул
Тыа кыыһа кутуругар бэлиэлээх үһү.