Page 72 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 4 КЫЛААС 1 ЧААhА
P. 72

— Бу баарбын! Бу баарбын!
     Ый тордоххо ойон киирбит, эмиэ көрдөөбүт. Барытын
түөрэ сүргэйбит, кыайан булбатах...
     Көрдүүрүттэн сылайан, бырда быстыбыт. Ыран хаал-
быт, нэһиилэ атаҕын сыҕарытар, илиитин көтөҕөр буолбут.
     Кыыс ону көрөн куттаммыта ааһан хаалбыт. Бэйэтинэн
буолбут уонна тордохтон ойон тахсан, Ыйы тиэрэ анньан
кэбиспит, илиитин-атаҕын кэлгийбит.
     — Тыый! Өлөрөөрү гынныҥ дуу! Чэ, хайыамый, бэйэм
буруйдаах буоллаҕым — эйигин уоран халлааҥҥа илдьэ
барыахпын баҕарбытым. Арай бастаан тордоххо киллэрэн
итиннэрэ түс, олус дьагдьайдым*...
   67   68   69   70   71   72   73   74   75   76   77