Page 82 - ЛИТЕРАТУРА ААҔЫЫТА 4 КЫЛААС 2 ЧААҺА
P. 82

эм искэ аста. Халҕан быыһынан көрөн турар Ньукуус эрэй-
дээх сүүһүн аан кырыытыгар быһа астаран, хаан тамма-
лыы түстэ. Ытыы-ытыы, аҕатыгар барда. Аҕата эрэйдээх
тугу гыныай, б эр д э буолан куукунаҕа туран: «Топпот ку-
луба уола, сэрэн, үрдүк сууттарга үҥсүөм!» — дии-дии,
сутуругун өрүтэ күөрэҥнэттэ...

      Кинилэри ким аһыныай, түөрт үүттэрэ бүөлэнэн, бэйэ-
бэйэлэриттэн кистээн ытыы-ытыы, сиэттиһэн баран, дьиэ-
лэрин диэки оргууй сукуҥнаһа турдулар. Арай ол иһэн-
нэр, айан суолугар биир хара сэлээппэлээх, үгүс баҕайы
кинигэни быалаан баран санныгар сүкпүт, сэҥийэтигэр хо-
йуу саһархай бытыктаах, халлаан өҥүн курдук сып-сы рды к
харахтаах киһини көрсө түстүлэр. Дьаакып өйдөөн көртө,
били ааттаах Владимир диэн судаарыскай иһэр эбит.

     — Дорооболоруҥ! Кэпсиэҥ, доҕоттоор! — диэтэ Дьаа-
кып иннинэ били бэлиитик нуучча уу сахалыы.

     — Дорообо, Болдьумаар, дорообо! — Дьаакып сирэйэ
сырдаан, мичээрдээн кэллэ.

      Ньукуус эм и э күн уота тыкпыт, чох курдук хара харах-
тарынан судаарыскайы одуулуу турда. Кини бу Болдьумаа-
ры үчүгэй киһи, кырдьыгы көрөр киһи, кыра киһини көмүс-
күүр киһи диэн улахан дьон кэпсэтэллэрин истэр буолара.

     — Бу хантан иһэҕит? Оҕоҕун тоҕо сиэттиҥ?
     — Бу оскуолаҕа илпиппин, Силэпсиэп учуутал ылбата.
Онон үөрэхтэн матан, хомойон иһэбит.
     — Но-но. Ол иһин мин сэр эй э санаабытым. Яков,
бу оҕоҥ бэрт сирэйдээх-харахтаах киһи эбит. Сөбүлүүр
буоллаххына, кинини мин үөрэтиэм. Мин оскуола аһарга
көҥүллэтэн иһэбин, — диэтэ Владимир, Ньукууһу төбөтүт-
тэн имэрийэ-имэрийэ.
     — Оо, пасииба, пасииба, Болдьумаар. Ол иһин үтүө су-
   77   78   79   80   81   82   83   84   85   86   87