Page 86 - ЛИТЕРАТУРА ААҔЫЫТА 4 КЫЛААС 2 ЧААҺА
P. 86
Сотору соҕус буолан баран, Мааппа бурдугун бүтэрэн,
чабычахха көтөҕөн иһэн: «Ээ, бу тааспыт тугу даҕаны
хоппот буолбут, бурдукпун барытын куруппалатан кэбис-
тим», — дии-дии Сэбирдэҕи аттынан остуолга ааста. Уй-
баан, туохтан эр э соһуйбут курдук, чинэрис гынаат, ку-
йуурун сулбу тардан ылан баран, өрө күлүбүрүү түстэ:
— О ок-сиэ, бу дьахтар акаарыта тугун сүрэй, доҕор!
Э м иэ үрдүнэн батыччахтаата!..
— Айыы, оттон тоҕо киһи суолугар туора ууран биэр-
биккиний, ханан барыамый?
— «Ханан барыамый» буола-буола! Сир бараммыт дуо?
Ити бултуур сэби дьахтар атыллаатаҕына, булдун туппат
диэни истибэккин дуо?
Мааппа, буруйдаах киһи быһыытынан, ах баран, бур-
дугун сиидэлии турда. Дьиэ иһэ эм иэ им-ньим буолан
барда.
Ити икки ардыгар таһырдьаттан уоллара Ньукулаас
аймаммытынан тоһугураан киирдэ:
— Аҕаа, дьэ бүгүн саҥ а кинигэ ыллыбыт, көрүөҥ дуо?
Ааттыын «Саҥа суол» диэн. Дьэ, уонна бүгүн уруокпар
аатыран таҕыстым, Дьэ, уонна Баһылай...
— Ээ, бэйи, доҕор, хайа киэһэ тугу кэпсиэҥий?
К эпсээҥ ҥ ин барытын сибилигин бүтэрээри гынныҥ дии...
— Суох, суох, аны, хата, кэпсээн бүппэт! Хата, «Саҥа
суолум» барахсан кэпсээнэ бараммат оҕо! Дьэ, туох бары-
та, куораттыын, кээпэрэтииптиин араастыын барыта баар.
Дьэ, хата, Баһылай сыарҕатыгар олорпокко кыһытта. Бэйи,
мин даҕаны улааттахпына, биир аты булан миинээ ини-
бин, дьэ, уонна...