Page 90 - ЛИТЕРАТУРА ААҔЫЫТА 4 КЫЛААС 2 ЧААҺА
P. 90
ойбоммун үөнүнэн тамнаабыта, туох кэлиэй. Арай үөн-
көйүүр кэлбит...
Сэбирдэх, түргэн тыл муҥутаан, ону сүгүн истибэтэ:
— Тыый, оҕонньор, оттон баҕа даҕаны балык балта
буоллаҕа дии. Ол түспүтүттэн бултаабатым д и эҥ ҥ и н , ити
мин уолум «быччайбытыттан» иҥинниҥ дуо? Аата, дьах-
тар куйууру атыллаабыта буоллаҕай?
— Эн төбөтүнэн харахтаах уолгун буойуоххун били-
минэ, тэптэрэн биэрэ тураҕын, хата, бараммын оройун
дьөлүтэ сынньан биэрээйэмий?!
— Оттон кэлэн дьөлүтэ сы с ээ... Онто суох эн уолуҥ,
баай оҕотобун буолан, ити мин уолум оскуолатыттан дэл-
би тоҥон иһэрин көрсөн, хаарга охторон, үлүтэн кэбиһэ
сыспыт этэ. Онно мин эн уолуҥ хараҕыттан иҥнибэппин
ээ... Хата, үлэлээ, доҕоор, э б эҥ аһатаары маҥнай баҕа-
тыттан маанылаабыта буолуо, бу сырыыга балык кэлиэ! —
Сэбирдэх күлэн кэбистэ уонна эмиэ куйуурун ойбонугар
уган эргитэ турда.
1. Балыктааһыҥҥа ханнык үгэс тутуһуллар эбитий?
Өссө ханнык үгэс баарын билэҕит?
2. «Тула турбут дьон, бука бары, соһуйбут көтөр курдук
бураллан...» диэн этиигэ тугу бэлиэтии көрдүгүт?
Маннык холобурда эбии булуҥ.
3. Аҕалаах уол кэпсэтиилэрин үллэстэн ааҕыҥ.
Тугу туохха эмэ холоон этиини тэҥнээһин
диибит.