Page 93 - ЛИТЕРАТУРА ААҔЫЫТА 4 КЫЛААС 2 ЧААҺА
P. 93

Эллэй

            ТАПТЫАҔЫҤ ИЙЭНИ

1. Поэт ийэни тоҕо күҥҥэ тэҥниирий?
2. Ийэ — төлөннөөх сир баайа диэн этиини тэнитэн

   быһаар.
3. Ийэ дойду, ийэ тыл, ийэ литература диэн ситим-

   нэр тустарынан санааҕын эт.

                     Күн көрүө, от үүнүө,
                     Сибэкки тэтэриэ.
                     Күнэ суох туох үүнүөй,
                     Күөх сирэм күкээриэ.
                     Ол тэҥ э, күн т э ҥ э —
                     Эн ийэҥ, мин ийэм.
                     Ийэтэ суох иинэн
                     Иһийиэ сир ийэ.

                     Күндүттэн күндүнү,
                     Кэрэттэн кэрэни,
                     Төлөннөөх сир баайын
                     Таптыаҕыҥ ийэни.

                     Ийэттэн төрүүллэр
                     Генийдэр, дьоруойдар.
                     Дохсуннуу, долгуннуу
                     Үөскүүллэр норуоттар.
                     Эн, кини уонна мин
                     Ийэттэн кэлбиппит,
   88   89   90   91   92   93   94   95   96   97   98