Page 3 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 3
Уус-уран литература
ДМИТРИЙ КОНОНОВИЧ СИВЦЕВ—СУОРУН ОМОЛЛООН
Саха норуодунай суруйааччыта
(1906—2005)
«Бу аан ийэ дойдуга киһи бииһин
ууһа, дьон норуот аймаҕа үйэтин ту-
хары үчүгэйгэ эрэ үлүһүйэр, ырааска
эрэ ымсыырар, дьолго эрэ дьулуһар.
Онуоха үтүө өттө өрүүтүн кыайа
туруоҕа».
(«Күкүр Уус» драматтан)
Суорун Омоллоон… Ааттыын кэрэ.
Ааттыын саха. Саха барахсан оһоҕун
иннигэр оллоонноон олорон онолуй-
бут ырыата-хоһооно, күүһэ-кыаҕа, бар-
ҕа баҕата баһаамыттан бэриһиннэрэн
ылбыт сүдү киһибит, талааннаах су-
руйааччыбыт Дмитрий Кононович Сив-
цев—Суорун Омоллоон хаалларбыт
нэһилиэстибэтэ сүҥкэн, үйэлэри уҥуор-
даан саҥнаах саха, тускулаах урааҥ-
хай олоҕо тупсарын, сайдарын туһугар
үлэлээбит, айбыт-туппут киһи буолар.
Сүүрбэһис үйэ саҕаланар быыһык кэм-
нэригэр Киһи, лиичинэс, суруйааччы быһыытынан уһаарыл-
лан тахсарыгар саха улуулара уутуйан үөскээбит ытык-мааны
талба Тааттата, сүүрбэ оҕоттон чороҥ соҕотох хаалан чугас
дьонун-сэргэтин далбарыгар уонна, бэйэтэ ахтарынан, ыл-
3