Page 4 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 4

баҕай ырыалаах, хомоҕой хоһоонноох Тааттаҕа биллэр олоҥ-
хоһуттар Уус Бүөтүккэни, Куохайааны, Кылачыыһабы, Дьөгүөр
Бытаһыытабы кытта бииргэ сайылаан, кыһынын дьукаахтаһан,
кинилэр ырыаларыгар-тойуктарыгар, илбистээх-иччилээх тыл-
ларыгар иитиллэн улааппыта төһүү буолбута. Кыра эрдэҕиттэн
барыга-бары сыстаҕас уол, билиэх-көрүөх санаата батарбак-
ка, от оттуурун, мас мастыырын быыһыгар Пушкин, Шекспир
айымньыларын умсугуйан ааҕар эбит. Ордук Шекспир дра-
малара эдэркээн уол сүрэҕин өрүкүтэллэрэ, долгуталлара,
киһи аайы бэриллибэт ураты иэйиигэ куустаран, тыл күүһүн,
абылаҥын өйүгэр сааһылаан, аахпытын оҥорон көрөр дьоҕура
сыыйа сайдан барар.

    Гражданскай сэрии уотун этинэн-хаанынан билбит, куһаҕа-
ны-үчүгэйи арааран өйдүүр буолбут чороччу улаатан эрэр уол
оҕо 1923 сыллаахха педтехникумҥа киирэр. Дьэ, бу кэмтэн
ыла айар үлэнэн утумнаахтык дьарыктанан барар. А.Е. Кула-
ковскай, П.А. Ойуунускай курдук улуу убайдардаах буолан,
саныыр санаата сайдан, өйө тобуллан, тыла-өһө нарыланан,
баара-суоҕа сүүрбэччэлээх эрэ эрдэҕинэ, «Күөх Көппө» коме-
диятын, кинини кэпсээнньитинэн аатырдыбыт «Сордоох суха-
ны», «Аанчыгы», «Охоноону» «Чолбон» сурунаалга таһаартарар.
Суруйааччы аата дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэн барар.

    Ити кэмтэн элбэх айымньы айыллар. Дьон, норуот таптаан
ааҕар кэпсээннэрэ оскуола кинигэтигэр киирбиттэрэ: «Бэйэтэ
эмтиэкэ», «Ачаа», «Чөөчө», «Чүөчээски». Бу айымньылары эһиги
алын кылаастарга билсэн тураҕыт. Кэлин драманы суруйууга
күүстээхтик ылсыбыта, ол курдук «Күкүр Уус», «Айаал», «Сай-
сары» утуу-субуу суруллан сыанаҕа турбуттара, көрөөччүлэр
биһирэбиллэрин ылбыттара.

    Оҕолоор, эһиги иннигитигэр Суорун Омоллоон «Аанчык» диэн,
киһи кэп-дьэбэр, нүдьү-балай майгытыттан кэрэгэй дьылҕалам-
мыт эдэркээн кыыс туһунан кэпсээнэ. Ааҕыҥ, толкуйдааҥ, су-
руйааччылыын санаата атастаһыҥ.

Ааҕыы, ырытыы

                                Аанчык

    Сайы²²ы киэ´э айдаана нам барда. Чэбдик кэрэ бараан
түүн, к³й салгын буолан кү³гэйэ к³т³н кэлэн, алыптаах илии-
тинэн сыыйа, аргыый аҕай араҕас ими саба тутта. Аан дойдуну

   4
   1   2   3   4   5   6   7   8   9