Page 9 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 9

аҕыс ыйдаах дьахтар хааман киирдэ. Оҕу´у миин дии сатаан
кэби´эбин, мииммэт. Сатаатахха, оҕуспут айаас кунан этэ.
Киирэн оттоотубут. Аанчыгым, урут тугу да са²арбат бэйэтэ,
туой атаҕым, ба´ым ыалдьар, сүрэҕим к³б³р, тулуйбаппын
диир буолла. Арай биир киэ´э, күн киириитэ, тахсан чаан-
ньыгын ³р³н баран, отуутугар сыта түстэ. Мин утуйдаҕа диибин,
онтукам, аны санаатахха, ытаабыт эбит, бы´ыыта. Онтон мин
отууга таҕыстым. Онуоха туран, аатта´ар курдук, сүрдээх үчү-
гэйдик са´арчы к³рбүтүнэн хааман кэлэн, санныбар илиитин
ууран баран: «Мыычаар, доҕорум оҕотоо, а´ын даа, кыайан
тулуйарбыттан аастым», — диэтэ. Уонна: «Бостуой эргэ барам-
мын, хаарыан дьонум, ийэм, аҕам, доҕотторум, ханна эрэ баар
буоллугут... Саатар биирдэ баҕас э´игини к³рд³ҕүм дуу, мин
бу му²нана сылдьабын...» — дии-дии, уйаара-кэйээрэ суох
оҕолуу ытаата. Онно мин ки´и, эмиэ уйадыйан, икки хараҕым
уута лэппээским үрдүгэр таммалаабытын ³йдүүбүн. Ону са-
наатахпына, билигин даҕаны сүрэҕим ыалдьар. Кырыйдаҕым
аайы ³сс³ ордук уйадыйан и´эргэ дылыбын, — диэн баран,
оҕонньор эмиэ, харбыт курдук, ах барда, хараҕын уута, чач-
чаарыйбыт иэдэ´ин устун сүүрэн тү´эн, сыттыгар халыйда...

    Уол муннун тыа´а утуйда бы´ыылаах. Оҕонньор, ону сэрэй-
дэ гынан баран, кы´аммата. Кини хоонньугар ыстанан тах-
сыбыт куосканы имэрийэ-имэрийэ, киниэхэ кэпсиир курдук,
аргыый кэпсии сытта.

    — Онтон дьэ кү´үнүгэр от-мас сайын барахсан кэлиитигэр
чэлгийэ симэммит кү³х нуоҕай ³ллүргэтэ тохтон-хоронон барда,
к³ҕ³р³н к³ст³р торҕо тыа күкээрэн, сэндээрэн к³ст³р буолла.
Сэмэнэп саҕана хас эмэ хонугу мэлдьи ³´³³н-саа´аан туран
ардах б³ҕ³ түстэ. Күн-ый дьаабыта биллибэт буолла. Кү³х хал-
лаан күлэр ньуура сабыллан, хара²аран, хараара сытыйбыт
от түгэҕинэн отуу о²остубут курдук, бүрүйэ сүүдүрүүннэннэ.

    Дьэ ол күннэргэ мин Аанчыгым ³л³р охтуутун охтубута.
Кү´үнүгэр, ыалдьа-ыалдьа, уу ба´а, ынах ыы сылдьаахтаабыт
эбит. Ону, биллэрбэккэ, кистээбитэ. Кини ол хоргу´а дуу, хор-
гуппут күү´э эбитэ дуу, ону билбэтим. Ол түүнүгэр, сарсыарда
та²ара сырдаан эрдэҕинэ, Аанчыгым быы´аммакка эрэ бар-
быта.

    Билигин даҕаны, бу отут сыла туолан эрдэҕинэ, миэхэ баар
курдук кини иэйэн-туойан, ынчыктаан, кулуннуу м³хс³ сыта-
ра...

    Эрэйдээҕим сыы´а, баттаҕын куруук тараанара, онтуката
үрэллэн, биир кэм лаглаҕай гына иилистэн баран, сыттыгар

                                                                                                                                       9
   4   5   6   7   8   9   10   11   12   13   14