Page 14 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 14

— Куола, дорообо!
    — Дорообо, кырдьаҕас! Кэпсээ, олор.
    Итинтэн ааннаан, саас-сааһынан үгэргии-сэтэрии, икки «күн-
нэрэ тахсан эрэр» баайдаах «хамандыыр» кэпсэппэхтээтилэр.
Онтон Бүөтүр оҕонньор кистиир быһыынан эттэ:
    — Дьэ, Куолаа, мин эйиэхэ этэр тыллаахпын. Бу биһиги
нэһилиэккэ эрэпкиэм буола сылдьыбыт, уруккута мин хамнач-
чытым, адьас дьиҥнээх баһамыык санаалаах киһи баар. Ол
кини билигин дьиэтигэр кирийэн олорор. Дьиҥнээх кумуньуус
киһи диэн кини буолар. Оттон мин түүбүн үргээмэхтээбит ба-
рахсан: куоласпын да быспыта, биир хонукка сибииккэҕэ да
олорпута. Тугу барытын баай диэн аҥаардас миэхэ түһэрэрэ,
араас сарыы мэрэбэдэйдэри, били чуоҕур кур оҕуспун өйдүү-
рүҥ эбитэ буолуо, ол тириитинэн бэртээхэй диэн хааһах оҥос-
тубуттары барытын ылбыта уонна өссө эмээхсиннэри борото-
куоллаан турар. Дьэ онон, холобур, мин билигин бырааппын
туппучча, бочуоттаах киһи быһыытынан, бу киһини көрдөргүт
үчүгэй буолуо этэ, холобур, кутталлаах, баһамыык киһи буо-
луо диэн этэбин. Санаатахха даҕаны, куһаҕаннык көрүллэри-
гэр ааттаах Уот Субуруускай сүрэҕин ытарҕата буолуо дуо?
Онон, мүччү харбата илигинэ, далай иһигэр баар эрдэҕинэ,
өрүһүйэн, холобур, бэйэни биллэрдэр сөп буолуо этэ, — диэн
баран, сүүһүн көлөһүнүн соттон кэбистэ. Уонна: «Бэйи, син үчү-
гэйдик этэн таһаардым ээ», — дии санаан баран эптэ:
    — Чэ, ити курдук, онон тойонноотор тойонум, оҕолоотор
оҕом, бэйэҕин кытта билсибэтэҕим иһин, ол боротокуоллана
эҥиннии сылдьыбыт убайыҥ үүннээх-ыҥыырдаах үтүө тылын
сиргэ-буорга хаалларбатаргын үчүгэй буолуо этэ, — диэн ба-
ран курун мөлтөтүннэ.
    «Хамандыыр»: «Көр, бу оҕонньор эрэйдээҕи», — диэх кур-
дук, ымах гынна уонна хаана ыараан, сирэйэ мырбас гынан
баран:
    — Ким диэтиҥ? — диэн лаппа ыйытта.
    Бүөтүр оҕонньор эмиэ киһи истибэт гына кулгааҕар эттэ.
Уонна ити Өлөксөй оҕо дьиэлэри-уоттары бэркэ билэр, кинини
эмиэ боротокуоллаабыта диэтэ.
    «Хамандыыр», оҕонньор этэрин истэн кэбиһэн баран, киэ-
бирэ таарыйа бэстилиэтин таһааран сото-сото, сымыйатыгар
кэллэҕинэ, ытырыык ыт курдук, сирэйин бырдьыһыннары тут-
та-тутта, дьэ кинилэр кыайан-хотон эрэллэрин, Дьокуускайы
ылаллара чугаһаабытын, сэп-сэбиргэл үксүн, бууска кэлэрин,
дьоппуон көмөлөһөрүн, оһумуойа кырдьыгы аҕыс гыммыт сэт-

  14
   9   10   11   12   13   14   15   16   17   18   19