Page 17 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 17

ылла. Бу курдук аһыы олордохторуна, таһырдьа эмискэ ыт
үрэн тоҕо барда. Охоноон, бачча киэһэ туох кэллэҕэй диэн,
этэ «дьар» гына түстэ.

    Утаакы буолбата, аан дэлэй соҕустук тэлэс гынна уонна
тыастаахтык «хап» гына сабылынна да, бэргэһэлэрин куонда-
рыгар күөх таҥас тигиилээх, саалаах үс киһи быыкаайык
балаҕаҥҥа соҕотохто тиргиллэ түстүлэр. Киириэхситтэртэн
биирдэстэрэ: «Таҥын!» — диэн, күргүйдээн бирикээстээтэ.
Охоноон иһигэр: «Оо, үлүгэрим эбит», — дии санаата. Сүрэҕэ
быллыгырыы түстэ, көрүмүүм диэх курдук, биирдэ эрэ хайы-
һан көрөн баран: «Ол ханна?» — диэн ыйытта.

    — Ханна буолуой, быраабаҕа буоллаҕа дии, эйигин волрев-
ком бэрэссэдээтэлинэн талаары гыналлар, — диэтэ били би-
рикээстиир киириэхсит.

    Онуоха Охоноон хайыһан көрбүтэ, били кини сэбиэскэй бы-
лааһы киртиппитин иһин боротокуоллаабыт Өлөксөйө баҕайы
дьаабылана турар эбит. Кэлэйбит курдук, төттөрү хайыһан ба-
ран, Охоноон:

    — Бэйи, саатар аһылыкпын ситэ аһатыҥ, — диэтэ.
    — Ноо! Майаачылаама даҕаны! Урут да аһаабытыҥ-сиэби-
тиҥ сөп буолуо! — диэн баран, бандьыыт ыстыык кырыытынан
Охоноону ойоҕоско оҕуста.
    Охоноон, кыһыыта-аһыыта оргуйан кэллэ гынан баран, нэ-
һиилэ туттунна. Ситэ аһаабакка турда. Туран: «Сыччыыйдаар,
бу эти сиэҥ», — диэн, өлүү этин оҕолоругар түҥэттэ. Уонна,
хараҕын уутун кистээн сотто-сотто, үс оҕотун биирдиитэ сыл-
лаата. Кыра уолчаанын: «Чыычаахпын да», — дии-дии, сүрэҕэр
ыга туппахтаан ылла. Онтон ынчыктыы, ытыы сытар ойоҕор:
«Доҕоор, чэ, күн-хаан кэллэ... быраһаай!» — диэн бырастыы-
ласта...
    Киириэхситтэр Охоноону иннилэригэр уктан илдьэ таҕыс-
тылар.
    Дьиэ иһэ кураанахтанна. Үстээх оҕо: «Аҕаа!» — дии-дии,
илиитин ууммутунан ытыы хаалла. Суох, аҕата төннүбэтэ, арай
тиэрэ кэбиллэн аһаҕас хаалбыт аан устун тымныы туман эрэ
өрө оргуйан киирдэ...

                                                III

    Түүн үөһүн саҕана. Хабыс-хараҥа хаайыы хоһо иин иһин
курдук дьиппиэрэн турда. Түгэх диэки муннугар киһи ынчыга
иһиллэр. Онон сабаҕалаатахха, биир киһи нэһиилэ олоруох

                                                                                                                                      17
   12   13   14   15   16   17   18   19   20   21   22