Page 20 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 20
3. Суорун Омоллоон кэпсээнньит быһыытынан ураты мааста-
рыстыбатын тула кэпсэтиҥ: дьоруойдар тас мэтириэттэрин
ойуулууругар киһи ис туругун көстүүтэ, оттон киһи ис ту-
ругун арыйарга айылҕа араас көстүүтэ.
Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга
«… Манна Суорун киэнэ барыта баар (Амма Аччыгыйа «Сааскы
кэм» романыгар Мэхээлэ Суудап уобараһыгар тэҥниир—авт.): эрдэ
аҕата өлөн, үлэҕэ миккиллэн, аҕыйах саҥаламмыт; элбэҕи ааҕан,
эрэйи көрөн олоҕу, дьону эрдэ билбит; тугу барытын туораттан көрөн
ыйааһыннаан, үөрэтэ-такайа сылдьар. Дуоспуруннаах, бөлүһүөк өй-
дөөх оҕо киһи мэтириэтэ. Ити хаачыстыбалара кэлин сүтүөхтээҕэр,
өссө бэргээбит курдук этилэр...».
В.Н. Протодьяконов
КЭМ-КЭРДИИ, КИҺИ, НОРУОТ
Хас биирдии киһи норуот устуоруйатын байытар, ситэрэр
аналлаах бу сиргэ кэлэр. Ким эрэ ол үтүө соругун чиэстээх-
тик толорон, дьонум, дойдум туһа диэн, сиэрдээхтик, киһилии
олох укулаатын оҥорсор, оттон сорох, күлүк курдук сиэрэй
олоҕун өрө тутан, буола турар уларыйыылары, олох тэтимин
туораттан көрөөччү, омнуолааччы, олох наар табыллыбат эрэ
өттүн туоһута буолан олоҕун моҥуур.
«Уус-уран айымньы — олох сиэркилэтэ» диэн бэргэн этии
баар. Айымньы ааҕааччыны долгутар, үөрдэр, ытатар-ылла-
тар, олоҕор сөптөөх суолу ыйан-кэрдэн биэрэр үрдүк анал-
лаах. Биһиги айымньыттан элбэҕи билэбит — ааспыт олохпут
устуоруйатын, билиҥҥи кэм кыһалҕаларын, инники өттүгэр ону
быһаарар суол-иис көрдүүбүт. Кинигэ дьоруойдара, уобарас-
тара кистэлэҥнэрин кэпсииллэр, үөрүүлэрин-муҥатыйыы-
ларын үллэстэллэр. Киһи уйулҕатын бары кылын таарыйар
айымньы — суруйааччы айар талаана, норуот таптаан ааҕар
айымньыта — суруйааччы ситиһиитэ.
20