Page 16 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 16

һайан көрдөххө, оһох чанчыгар биир аҕыс-сэттэ саастаах, ча-
чархай баттахтаах оҕо мас ат оҥорон оччоһо олороро уонна
биир чороччу улаатан эрэр кыыс оҕо, үстээх-түөртээх уолчааны
көтөҕөн баран, атаҕын холумтаҥҥа ууран, хоруонан тымтыкка
суруйа олороро. Оҕото уута кэлбит быһыылааҕа: дьааһыйан
оҥоҥнуу-оҥоҥнуу, туой субу-субу уокка турар күөс диэки кы-
лап гына көрөр этэ. Ийэлэрэ хаҥас ороҥҥо ыарыта сытара.
Өтөр буола-буола дириҥ ынчыга иһиллэрэ.

    Дьэ, уонна им-дьим, борук-сорук.
    Арай таас эрэ тыаһа аргыый аалан кыыкырдыыр, арай Охо-
ноон эрэ санааргыыр этэ. Кини ревком буола сылдьыбыта,
онтон сибиэркиирэ эбитэ дуу, эбэтэр дьахтара ыалдьан буол-
та эбитэ дуу, биитэр баттыгас эмиэ эргийэн, эмиэ хамначчыт
буолан, киһи аатын ылбакка, сөптөөх өлбүгэ сүкпэккэ, баайдар
атахтарыгар үҥэ, сааһым тухары оҕолордуун, ойохтуун муҥу-
сору көрөрбүт кэллэҕэ диэн санааргыыра дуу? Дьэ тоҕо эрэ кини
санаатын ыар былыт баттаабытын курдук этэ. Ревком буола сыл-
дьыбытыттан куттана саныыр этэ да, мин туох даҕаны куһаҕаны
оҥорботоҕум, норуот иннигэр сылдьыбытым, тугу тыыталлар үһү
диэн, бэйэтэ бэйэтин саататара. Ол икки ардыгар, саалаах-саа-
дахтаах бандьыыттары санаатаҕына, этэ атый-атый гынара. Кини
ол аймахтар бардамнарын, буруйа да суох киһи хаанын тоҕол-
лорун кэрэйбэттэрин билэрэ. «Табаарыстарбар күрүүр кыаҕым
суох буолта абатын!» — диэн, кини хараастан турбута.
    Таас тыаһа дөксө улам бытааран барбыта. Бу икки ардыгар
өйүгэр туох эрэ сырдык күлүм гына түспүтэ. «Оттон били-
гин күрээтэхпинэ? Хайыһар кэтэн баран, сис устун тус арҕаа,
Дьокуускай диэки, түһэ турдахпына, дьоммор, кыһылларга? —
диэн, хараҕа уоттанан, сирэйэ сырдаан кэллэ. Онтон балаҕа-
нын иһигэр турарын өйдөөн кэлэн баран: — Оттон оҕолорум,
ойоҕум эрэйдээхтэр...» — диэн, эмиэ төбөтүн санньыччы тут-
тан, тааһын эмиэ аргыый тардан барда.
    Сотору таас тыаһа уурайда.
    Били имик-самык умайа турар уот, күлбүт курдук, чачы-
гырыы түстэ. Харахпар сыыс киирдэ диэххэ айылаах, ыһыы-
рынньык чүмэчи остуол үрдүгэр чипчилиҥнээн кэллэ. Онуоха
көрдөххө, киэһээ аһылыктарын аһаары олорбуттар. Оҕолор
үөрүүлэрэ, күлсүүлэрэ диэн сүрдэммит. Били кыра, үстээх
Төгүрүк диэн уолчаан: «Аҕаа, көй эйэ, бу миэхэ сыа баай»,
— дии-дии, быыкаайык сыаны күлэ-күлэ, баһын кыҥначчы
туттан баран, көөчүктээтэ. Онуоха Охоноон: «Чыычаахпын да,
ити дьүһүннээххэ үөрээхтээҥҥин», — диэт, төбөтүттэн сыллаан

  16
   11   12   13   14   15   16   17   18   19   20   21