Page 21 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 21
НИКОЛАЙ ГАВРИЛОВИЧ ЗОЛОТАР¨В—
НИКОЛАЙ ЯКУТСКАЙ
Саха норуодунай суруйааччыта
(1908—1995)
Николай Якутскай — бэрт интэриэ-
һинэй дьылҕалаах суруйааччы. Эдэр
эрдэҕиттэн дойдутуттан тэлэһийэн,
үөрэхтэнэн, пограничник сулууспа-
тын чиэстээхтик толорон, Молдавия
киэҥ, нэлэмэн хонууларыгар атын
омуктары кытта убай-быраат дэсиһэн,
саха литературатыгар туспа суоллаах-
иистээх суруйааччы быһыытынан киэҥ
ааҕааччыга биллэр. «Көмүстээх үрүйэ»
сэһэнэ Саха сиригэр бырамыысы-
ланнас сайдыытын туһунан суруллу-
бут айымньылартан биир бастакы-
лара уонна бастыҥнара — «Золотой
фонд советской литературы» диэн уус-уран литература чулуу
айымньыларын испииһэгэр киллэриллибитэ. 1972 сыллаах-
ха «Таджикфильм» киностудияҕа «Көмүстээх үрүйэ» сэһэҥҥэ
олоҕуран суруйааччы Л.Л. Габышев сценарийынан «Өбүгэ-
лэр кистэлэҥнэрэ» («Тайна предков») диэн уус-уран киинэ
уһуллубута. Сэһэн ис хоһоонугар эбэҥкилэр өрөбөлүүссүйэ
иннинээҕи олохторун, Саха сиригэр Гражданскай сэрии
сылларын, Сэбиэскэй былаас олохтонуутун, Алдаҥҥа көмүс
бырамыысыланнаһа үөскээһинин ойуулааһын сүрүн миэстэни
ылар. Айымньы дьоруойдарын хараахтардара Алдаҥҥа көмүс
көстүүтүн тула сайдан барар.
Николай Якутскай прозаик быһыытынан суруйар истиилин
сүрүн бэлиэтэ — тэтимнээх сюжет уонна ураты дьылҕалаах
дьоруой. «Көмүстээх үрүйэ» киэҥ биһирэбили ылыаҕыттан,
Н. Якутскай саха ааҕааччыта биир саамай сөбүлүүр суруйаач-
чытынан буолбута. Кини саха литературатыгар уонча романы,
үгүс сэһэни уонна оҕолорго аналлаах сүүрбэччэ кинигэни су-
руйан бэлэхтээбитэ.
21