Page 23 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 23
кумаҕа, чахчы кыһыл көмүс буоллун! Оччоҕо Ньэмэк кинээс ки-
нини ыттыы үүрэн таһаарыа суох этэ. Баҕар, кини Уйбаанчаны
бэйэтигэр тэҥнии санаан, кыыһын биэриэ этэ... Оо, оччоҕо
төһө эрэ үчүгэй буолар этэ!» Итинник санаалар ол күнү быһа
Уйбаанча өйүттэн тахсыбатахтара...
Киэһэ, борук-сорук буолуута, Уйбаанча отуттан тахса тии-
ҥи өлөрөн, сурдугар төннөн кэлбитэ. Сэдьүк оҕонньор кини
иннинэ кэлэн, уот оттон, күөс күөстээн, тура-олоро сылдьара.
Уйбаанча иннигэр-кэннигэр тииҥнэри кэчигирэтэ иилиммитин
көрөн, оҕонньор улаханнык үөрбүтэ:
— Оҕом, бүгүн дьэ үчүгэйдик бултуйбуккун! Байанай кыр-
дьаҕас оҕобор, көр, мичик гыммыт! — дии-дии, кини тииҥнэри
ылан уот кытыытыгар, таба тириитигэр кэккэлэһиннэрэ уур-
талаабыта.
«Сэдьүк оҕонньор аҕыйах да тииҥҥэ үөрээхтиир, оттон мин
бүгүҥҥү булуубун истэрэ-көрөрө буоллар, хайдах эрэ үөрэр
этэ», — дии санаабыта Уйбаанча уонна аат эрэ харата оҕон-
ньортон ыйыппыта:
— Оттон эн бүгүн хайдаххыный?
— Мин да соччо куһаҕана суохпун. Сүүрбэттэн тахса тумус-
тааҕы бултаатым, — диэбитэ оҕонньоро уонна сурт маһыгар
ыйаммыт тииҥнэрин тириитин диэки көрөн кэбиспитэ.
Булчут дьон идэлэринэн, Уйбаанча оҕонньордуун атын ол-
бу кэпсэтиитэ суох тииҥнэрин сүлбүтүнэн барбыттара. Сүлбүт
тириилэрин, уһун синньигэс маска тумустарыттан тиһэн, на-
мылыччы ыйаан иһэллэр. Кинилэр отуттан тахса тииҥи сүлүөх-
тэригэр диэри, күөстэммит эттэрэ оргуйан, өрүтэ ыһыахтанар.
— Чэ, тоойуом, күөспүт буста быһыылаах, аһыах! — диэн
баран, Сэдьүк күөһүн хоторбутунан барбыта. Уйбаанча суртан
тахсан, хаан буолбут илиитин уонна быһаҕын хаарга сууйан
киирбитэ.
«Били булуубун оҕонньорго көрдөрүмүнэ», — дии санаабы-
та. Сэдьүк улаханнык аччыктаабыт быһыылааҕа, саҥата суох
бэйэтин өлүү этин сии олороро. Уйбаанча да аһыан баҕаран:
«Чэ, бэйи, аһаан-сиэн баран», — дии санаан, тугу да саҥар-
бакка эрэ, эмиэ этин сиэбитинэн барбыта. Уол ортолуу аһаан
эрдэҕинэ, оҕонньор аһаан бүппүтэ:
— Тоойуом, сарсыарда мин эт буһарыахпар диэри, таба-
ларгын тахсан көрөн киирээр. Бүгүн, суолларын көрдөхпүнэ,
ыраатыах курдуктар.
Уйбаанча тугу да хардарбатаҕа. Кини, аһаан бүтэн баран,
сиэбин түгэҕиттэн били испиискэтин хаатын таһааран, толору
23