Page 25 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 25

кыһыл көмүс кылаат баайдаах Уйбаанчаҕа кыайан тэҥнэспэт...
Адычча уола Ньэмэк кыыһын ылыах буолан илии охсуспутун
кэннэ, Уйбаанча кинитээҕэр ордук байбытын, кыһыл көмүс
баайдаммытын истэн, оҕонньор «кыыспын биэрбэппин» диэн
Урбанчаны үүрэн кэбиспит. Ити курдук, Уйбаанча өйүгэр бэрт
элбэх санаалар элэҥнээн ааһаллар...

    Сэдьүк оҕонньор тугу эрэ ыйытан көрбүтэ да, Уйбаанча
болҕойон истибэтэҕэ. Онтон биирдэ өйдөөн истибитэ:

    — Дьүлэй буолбуккун дуу? Хантан буллуҥ диэн ыйытабын
ээ! — дии олорор этэ оҕонньоро.

    — Кураанах ¥рүйэттэн, — диэбитэ Уйбаанча.
    — Мэ, киэр гын, — Сэдьүк Уйбаанча испиискэтин хаатын,
туох эрэ куһаҕантан сиргэммит курдук, эмиэ төттөрү ууммута.
    Уйбаанча иһигэр: «Оҕонньор тоҕо сиргэннэ, тоҕо саҥата
уларыйда. Ама үөрбүтүн омунугар бу курдук буолбута буолуо
дуо?», — дии саныы-саныы, испиискэтин хаатын ылбыта. Кини
Сэдьүк тугу эрэ этээри гыммытын көрөн, кэтэһэн олорбута.
    Оҕонньор, бэрт өр саараан туран баран, эппитэ:
    — Ити биһиги, эбэҥкилэр, баайбыт буолбатах.
    Уйбаанча итинтэн наһаа соһуйбута да, хомойбута даҕаны:
хараҕа хараҥарарга, сирэ кыарыырга дылы буола түспүтэ.
    — Итини биһиги Кураанах ¥рүйэбит кумаҕыттан буллум
дии, — Уйбаанча санаатыгар Сэдьүк оҕонньор кинини атын
сиртэн көмүһү булан аҕаллыҥ диэн сэмэлииргэ дылыта.
    — Хантан ылбыккыный да, сарсыарда онно илдьэн төттөрү
кутан кэбис.
    — Хайдах? Кыһыл көмүс диир буолбаккын дуо?
    — Кыһылынан... кыһыл көмүс, ол иһин этэбин!
    Уйбаанча туох да диэн булбатаҕа. Били, баай киһи буо-
лан, Ньэмэк кинээһи кытта тэҥнэһэн, кини кыыһын ойох ыла-
ра эҥинэ барыта, ити тылларга үтүрүйтэрэн, ханна эрэ сүтэн
хаалтара.
    — Хайдах, оттон кыһыл көмүс наһаа күндү мал диэбэттэр дуо?
    — Ити биһиги, эбэҥкилэр, баайбыт буолбатах. Тоойуом, мөк-
күһүмэ, хантан булбуккунуй да, онно сүөкээн кэбис! — Сэдьүк
оҕонньор кэнники тылларын эмиэ сымнаҕас соҕустук эппитэ.
Туохтан оҕонньор ити курдук кыһыл көмүһү абааһы көрөрүн
Уйбаанча билигин да кыайан өйдөөбөтөҕө.
    — Оҕонньоор, ол тоҕо сүөкүүбүнүй? — диэн кини ыйыппыта.
    — Ити — куһаҕан тыына, үчүгэйгэ көстүбэт үгэстээх, куһа-
ҕаҥҥа эрэ көстөр.
    — Оттон оннооҕор дьоннор ити кыһыл көмүһү соруйан көр-

                                                                                                                                      25
   20   21   22   23   24   25   26   27   28   29   30