Page 27 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 27

уот диэки хайыһан, оҕонньор кэпсээнин саҕалыырын кэтэһэ
сыппыта.

    Сэдьүк уоту супту одуулаһан олорон, кэпсээнин дьэ саҕа-
лаабыта:

    — Кыһыл көмүс бэйэтэ туох да куһаҕана суох. Ол гынан ба-
ран, кинини киһи эрэ барыта «куһаҕан тыына» диэн ааттыыр.
Былыр биһиги төрүттэрбит, мантан хас да сүүс көстөөх дой-
дуга, наһаа элбэх бултаах-астаах сири булан олорбуттара үһү.
Онно биир эбэҥки хайа тааһыгар кыһыл көмүс баарын булан,
нууччаларга атыылаабыт. Онтон нууччалар, бэрт элбэх киһини
аҕалан, ол сир хайатын уонна буорун хастарбыттар.

    Тыаҕа биир тииҥ олорбот буолбут, хайаҕа биир кыыл тох-
тообот буолбут. Дьон, сут буолан, хоргуйан өлөн барбыттар.
Ол кыһыл көмүһү булбут эбэҥки бэйэтэ эмиэ хоргуйан өлбүт.
Онтон биһиги төрдүлэрбит бу сиргэ көһөн кэлбиттэрэ үһү.

    Онон кыһыл көмүс — биһиги омук баайа буолбатах. Биһиги
баччааҥҥа диэри табанан, кыылынан иитиллэн олорор омук-
тарбыт. Эн ити булбут кыһыл көмүскүн дьоҥҥо көрдөрдөххүнэ,
атыылаатаххына, кинини була, хостуу бу дойдуга төһөлөөх ки-
һи-сүөһү кэлиэн билэҕиний? Оччоҕо бу эҥээргэ биир хоро-
ҕор мас ордуо суоҕа, биир тумустаах тохтуо суоҕа, биир таба
аһыыр лабыктата үүммэт буолуо. Эн ити көмүстэн төһөнү туһа-
ныаххыный? Эн туһаҥ аҕыйах буолуо. Эбэҥки аймах, сут буо-
лан, хоргуйан өлүө. Оччоҕо төһө харах уута тохтуой? Ол иһин
этэбин, ити үчүгэйгэ көстүбэт, куһаҕаҥҥа көстөр диэн... Кыһыл
көмүс — эбэҥки туһанар баайа буолбатах... Биһиги баайбыт
диэн — ити ыйанан турар тумустаахтар тириилэрэ. Итилэрэ
суох эбэҥки киһи буолбат: эбэҥки баайа — бултуур кыыла.
Ол кини аһыыр аһа, таҥнар таҥаһа, туттар үбэ. Оттон таба-
быт сиир лабыктата суох буоллаҕына, биһиги дьон буолбат
дьоннорбут. Ити эн булбут кыһыл көмүһүҥ манна күөрэйбитин
биллэллэр эрэ, дьон бөҕө кэлиэ, биһиги баайбыт-топпут бара-
ныа. Иһит мин тылбын, кырдьаҕас киһи тылын: кинини хантан
булбуккунуй да, онно илдьэн сүөкээн кэбис, тоойуом! Уонна ки-
нини була сылдьыбытым диэн хаһан да дьоҥҥо кэпсээбэт буол,
өскөтө бэйэҥ аймах дьоҥҥор үтүөнү саныыр буоллаххына.

    Сэдьүк оҕонньор итинтэн ураты биир да тылы эппэккэ эрэ,
улаҕа диэки эргиллээт, хараҕын быһа симпитэ.

    Уйбаанча бу түүн букатын утуйбатаҕа. Кини Сэдьүк оҕон-
ньор эппит тылларын ис хоһооннорун эргитэ саныы, ыараҥ-
ната сыппыта.

    Сарсыарда кини, оҕонньор уһуктуон иннинэ, эрдэ турбута.

                                                                                                                                      27
   22   23   24   25   26   27   28   29   30   31   32