Page 32 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 32
ЛИТЕРАТУРАЛАР АЛТЫҺЫЫЛАРА
Биллиилээх нуучча бэйиэтэ уонна тылбаасчыта С. Шевков
Н.Г. Золотарёв—Николай Якутскайга анаабыт хоһоонун ааҕыҥ.
Саха суруйааччытын айар үлэтин билинэрин, үрдүктүк сыана-
лыырын кэпсэтиҥ.
Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга
Николай Якутскай кэпсиир: «Дойдубун наһаа аҕыннахпына, остуол-
бар Саха сирин хаартатын тэлгээн олорон, дойдум сирин-уотун, кини
киэҥин-ырааҕын сөҕөбүн... Уонна сорох сирдэр ааттарын таба суруй-
баттарын бэлиэтии көрөбүн. Холобура, Бүлүү өрүс сүнньүнэн сытар
Оччугуйкаан уонна Улаханкаан диэн сирдэр ааттарын Оччугуй-Хаан,
Улахан-Аан диэн сыыһа киллэрбиттэр эбит, хаартаҕа... Дьэ, итинник
барытын түөһэлээн, түөрэҥнэтэн ахтылҕаммын таһаарабын.... Балык-
тыырбын наһаа сөбүлүүбүн. Ордук собону. Саха киһитин сиэринэн, сар-
сыардааҥҥы аһылыгым — сүөгэй, бөлөнөх....Бу ыһыллыы-тоҕуллуу кэ-
мигэр (1990 сыллар) биири таба өйдүөхтээхпит уонна тутуһуохтаахпыт:
дойдубут, норуоппут туһугар туох баар кыахпыт, өйбүт-санаабыт кы-
лаанын өрө тутан үлэлиэхтээхпит, иккиһинэн, Россия курдук элбэх омук
тоҕуоруйан олорор сиригэр омуктаһыыны күөттээбэккэ, эйэлээхтик,
быр-бааччы биир ыал буолан олорорбут туохтан да ордук наада».
СТЕПАН ПАВЛОВИЧ ЕФРЕМОВ
(1905—1982)
Степан Павлович Ефремов — Хаҥа-
лас улууһуттан төрүттээх. Ийэлэрэ со-
ҕотоҕун икки уолу атахтарыгар туруо-
рар. Кыра уол Ыстапаан бэрт кыһал-
ҕалаах, тиийиммэт-түгэммэт дьылҕала-
ныаҕын, хата, Сэбиэскэй былаас олох-
тонон, саҥа олох кэлэн, Иркутскай куо-
ракка 1929 сыллаахха рабфаагы бү-
тэрэр уонна Чурапчы улууһугар ааҕар
балаҕан сэбиэдиссэйинэн (билиҥҥи-
нэн бибилэтиэкэ), онтон оройуоннааҕы
үөрэх салаатын сэбиэдиссэйинэн үлэ-
лиир. Манна олорон 1934 сыллаахха
«Ини-бии» драманы суруйар.
32