Page 30 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 30
— Кэбис, тоойуом, сүрэҕим билээхтиир. Киһи буолбат киһи
сытаахтыыбын... Миигин ханна соһо-сыһа сылдьыаҥый... Ман-
на көмөн кэбиһээр...
— Тугуҥ тылай? — диэн, Уйбаанча оҕонньору намыратан
көрбүтэ эрээри, кырдьыга, кини адьаһын ыксаан сытар этэ.
Ол түүн Уйбаанча утуйбатаҕа: быһа уот оттон, сурдун ититэн
тахсыбыта. Сэдьүк оҕонньор улаханнык бэргээн, кыайан са-
ҥарбат буолан, ити түүнү туораабыта. Нөҥүө күнүгэр Уйбаанча
бултуу тахсыбатаҕа.
Киэһэ, кыһыҥҥы күн саһарҕата сүтүүтэ, Сэдьүк оҕонньор быһа
симэ сытар хараҕын арыйан, хайдах эрэ сэргэхсийбит курдук
буолбута.
— Оҕонньоор, хайдаххыный?
— Арыый ама соҕус буоллум ээ, — диэбитэ кини. — Чэйдэ
кутан кулу эрэ!
Уйбаанча үөрэ-көтө оҕонньоругар чэй кутан биэрбитэ. Сэ-
дьүк, ойоҕоһунан сытан, чэйин испитэ уонна Уйбаанчаҕа табах
уурдаран тардыбыта.
— Тоойуом, дьэ бу кэннэ табах тардыбат, ас аһаабат киһи
буоллаҕым буолуо... Бу кэриэс тардыым, кэриэс аһылыгым...
Миигин, били эппитим курдук, уҥуох тутаар. Оттон кыһыл кө-
мүскүн... — диэн иһэн, оҕонньор сөтөллөн барбыта. Онтон кыа-
йан тыын ылымына, иҥиир ситиитин тартаран, сирэйин хаана
кубарыйан, кылгас-кылгастык тыынан, өрүтэ эппэҥнии сыппыта.
Сотору этэ-сиинэ тымныйан, тылыттан матан, өлөн барбыта...
Уйбаанча, бастаан уолуйан хаалан, ханна да барыах-кэлиэх
сирин булбатаҕа. Ол гынан баран ханна бараахтыай, утуй-
бакка, оҕонньорун аттыгар хоройон олорон тахсыбыта. Сар-
сыарда туран, тыаттан мас суоран киллэрэн, сурдун иһигэр
кумаҕы хаһан иин оҥорон, мастаан, оҕонньорун көмөн кэбис-
питэ. Бэйэтэ табаларын киллэртээн, ол күн Орто Салаа үрэх
үрүйэлэриттэн көһөн, Учур Дьааҥытыгар төннүбүтэ.
Тылбытын байытабыт
Тумустаах (булт) — көтөрдөр.
Сээдьэ — хотугу норуоттар үҥкүүлэрэ (саха оһуокайыгар майгын-
ныыр).
Лабыкта — күөхтүҥү кубархай өҥнөөх, сибэккитэ да, сэбирдэҕэ да
суох үүнээйи, таба муоҕа.
30